Куобах этэ билигин саха ыалын сандалытыгар сэдэхтик көстөр ас. Оттон 70-с сыллардаахха Саха сиригэр бу кыыл дэлэйдик үөскүү сылдьыбыта. Билигин үгүс улуустарга куобаҕы бултааһын бобуллан турар. Ол төрүөтэ — кини тэнийэрин туһугар. Өбүгэлэрбит сүрүн ас оҥостубут куобах этин туһатын туһунан кэпсэттибит.