Дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр 22 ааптартан 23 үлэ киирбит.
«Интэриэһинэй үлэ элбэх. Оҕолор ойуулуктары оҥорон таһаарарга устуудьуйаларга дьарыктаналларын бэлиэтии көрдүбүт, бу хайысха кэскиллээҕин бэйэбитигэр бигэргэттибит. Куонкурус балаһыанньатын ирдэбилигэр аҕыйах үлэ эппиэттиир буолан биэрдэ. Ол курдук, ойуулук ааптар сценарийын тэҥэ ол сценарий графическай толоруутун эмиэ тэҥинэн көрдүбүт», — диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Нина Харитонова эттэ.
Түмүккэ үс кыайыылаах ааттанна: биэс сиэрийэлээх «Остуоруйа холбуйата» уонна уон сиэрийэлээх «Дино ахсаан» үлэлэрин иһин Таисия Тарабукина, «Тойтой Боотур» диэн тоҕус сиэрийэлээх үлэтин иһин Семен Ермолаев уонна уон сиэрийэлээх «Игирэчээс кулунчуктар-2» үлэтин иһин Долан Лугинов.