Оленегорскайга почтаны хайдах тиэрдэллэрий? — Эдэрсаас – сахалыы сонуннар – новости на якутском языке

Бэҕэһээ Чокуурдаахха СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко тиийэ сырытта диэн суруйбуппут. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлигэр туруорсуулартан биирдэстэринэн почтаны уонна биэнсийэни тиэрдии боппуруоһа буолла.

Чуолаан, Оленегорскай дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Анна-Александра Васильевна Сивцева ыраах сытар нэһилиэккэ почтаны уонна биэнсийэни тиэриэрдии суол-иис ыараханынан, тырааныспар суоҕунан уустуктааҕын эппит.

— Дьокуускайтан улуус киинигэр сөмөлүөтүнэн аҕалбыт почталарын Оленегорскайтан кэлэн бэйэбит ылыахпытын наада. Ону дьаһалта тиэхиньикэ булуохтаах эбэтэр бэйэтин кыһалҕатынан улуус киинигэр барбыт киһини көрдөһөн, сороҕор уматыгын ороскуотун төлөөн эҥин илтэриэхтээх. Маннык кыһалҕа атын хоту улуустарга эмиэ баар көстүү. Биэнсийэни эмиэ олохтоохтор кэмигэр ылыахтаахтар. Онон олус сытыы боппуруос буолар. Холобура, Оленегорскайга почтабытын бүтэһик тырааныспар бараары турдаҕына биэрэн ыыппыппыт. Биэнсийэ, почта материальнай өттүнэн эмиэ олус эппиэтинэстээх. Мин этиим диэн почтаны уонна биэнсийэни “Арассыыйа почтата” бэйэтэ ситэри тиэртин. Биһиги кыһалҕабытын истэн баран, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бу боппуруоһу тус бэйэтинэн хонтуруолга ылыах буолла, — диэтэ Анна-Александра Сивцева.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: интэриниэттэн

ТАР5АТ: