Саргылаана Васильевна Гольдерова-Саргы Куону ыраахтан ытыктыы көрөр бэйиэтим. Олоххо көрүүтэ чыҥха уратытынан, тыла-өһө уустугунан, илбистээҕинэн удаҕанныгы куттааҕынан-сүрдээҕинэн киһи толло көрөр. Кини айар үлэтигэр өбүгэ саҕаттан кэлбит мындыр өй-санаа, олоххо тардыһыы, алгыс, итэҕэл поэзията, анаарыы, таптал лириката барыта баар. Улахан билиилээх-көрүүлээх суруйааччы Софрон Петрович Данилов Саргы Куону поэзияҕа “саха дьахтар бэйиэттэриттэн кэскиллээх үлэлээх” буолуоҕа диэбитэ мээнэҕэ буолбатах.
– Саргылаана Васильевна, тыл суолтатын туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Хас биирдии киһи ураты, хатыламмат көстүү. Айар эйгэлээх суруйааччы киһи эмиэ бэйэтэ туспа истииллээх, суоллаах-иистээх. Суруйар киһи тылга сыһыаннаах буолуохтаах.
Биһиги өбүгэ ситиминэн бэриллибит, удьуор утумунан угуллубут уус тыл эйгэлээх ийэ, аҕа ууһабыт. Ол утумум уһуктуута хоһоонунан кутуллан, олох эдэр сааспар Бэйиэт буолар соругу туруорууттан, айар аналы Дьылҕам эбит диэн ылыныыттан арыллыбыта. Онтон ыла Айыыһытым арыйбыт айар кутум халлааныгар кут дабатан, суруйар соргу суолунан айаннаан истэҕим. Анааран көрдөхпүнэ, киһиэхэ үс кут баарын курдук, тыл эйгэтигэр эмиэ үс кут ситимэ баар эбит.
Улугуруу кэнниттэн сүүрбэһис үйэ 80-c. сылларын ортолоруттан, өссө Сэбиэскэй кэмҥэ уларыта тутуу саҕаламмытын, аан дойдуга аһаҕас буолуу акылаата түспүтүн олус диэн биһирии сэҥээрэ көрсүбүтүм.
Онтон ол 90-с сылларга дьиикэй ырыынагы кытары тилэх баттаһа «эпоха возрождения» курдук Көҥүл тыын күөрэйбититтэн тыыллан-хабыллан тахсыбыт көлүөнэҕэ киирсэбин. Ол кэмҥэ национальнай кэнсиэпсийэ ылыллан, омук быһыытынан өрүттэрбитигэр судаарыстыба өттүттэн болҕомто ууруллан, норуот уһуктан, хайдах эрэ бэйэбитигэр баар барыта таһымнаан тахсыбыта.
Мин туспар литератураны уонна суруналыыстыканы дьүөрэлээн үлэлиир-хамсыыр ирдэбили уонна соругу саҥа үүммүт үйэм туруорбута. Аммаҕа тэлэбиидэнньэ суруналыыстыкатыгар үлэлээн, буола турар Бириэмэ ситимигэр бигэтик киирэри Дьылҕа Тойон модьуйбута. Устуудьуйабыт култуура дьиэтигэр баар этэ. Ыһыах кэмнэригэр уонна араас тэрээһиннэргэ миэхэ “эн суруйааччыгын” диэн алгыстары сакаастыыр буолбуттара: таптал алгыһа, Дьөһөгөй алгыһа, Ала Мылахсын алгыһа, ыһыах алгыһа, дьиэ кэргэн алгыһа… Биирдэ өйдөөбүтүм арай алгыс поэзията миэхэ арыллыбыт эбит.
– Бириэмэҕин хайдах аттараҕыный?
– Көҥүл тыыны тууйбакка, тутул хааччаҕар хаатыйаламмакка, үйэлээҕи уонна күннээҕини дьүөрэлээн айа-тута, үүнэ-сайда олоруу. Хайдах эрэ оннук көҥүл тутуллаах олоҕу өссө эрдэ талбытым. 1985 сыллаахха төрөөбүт дойдубар силистэнээри, оҕолорбун айылҕа далбарыгар улаатыннараары уонна суруйааччы тыа сириттэн иитиллэн тахсыахтаах диэн өйдөбүлүнэн салайтаран куораппыттан Аммаҕа көспүтүм. Тыа ыалын сиэринэн дьиэ-уот туттан, кэтэх хаһаайыстыба тэринэн, хайдах эрэ былыргы саха дьахтарыныы дьаһанан олоруохпун баҕарбытым. Саха норуота былыр-былыргыттан олорон кэлбит олоҕун бэйэм нөҥүө аһардыбытым. Ол эйгэни кытта суруйар дьарыкпын дьүөрэлээбитим.
Киһи бэйэтэ бэйэтин олоҕун дьаһанан тутулуга суох олоро түһүөхтээх… Ол эрээри аныгы кэм суруйааччыта наһаа былыргы үйэҕэ түһэн, балаҕан иһигэр бүтэйдэнэн, алаас иһигэр иһийэн олороро тутах.
Оҕолорум улаатан, үөрэх, үлэ суолун солоно олох улахан аартыгар үктэммиттэрэ. Кэргэммин кытары өйдөспөт буолуубут дириҥээн арахсыы сыла кэлбитэ. Онтон, дьэ, арахсан баран алгыска тиийии диэн эмиэ баар суол эбит. Ийэ, аҕа, эбэ, эһэ ситиминэн, биир Аал Кудук маспытын чэлгитэр аналбытын – доҕордуу, киһилии сыһыаҥҥа олоҕуран сайыннарар саҥа кэммитигэр тиийэн кэллэхпит.
Бу буола турар олох дохсун долгунугар суруналыыстыкам сиэтэн киллэрбит эбит. Идэни, эйгэни дьүөрэлээн, социум, дьон-сэргэ олоҕун сэҥээрэр, сырдатар суруналыыс үлэбинэн бэйэм кэммэр киирэн хаалбытым. Былыргы дьахтар төрүт үгэстэргэ олоҕуран дьиэ кэргэнин ииппит 19 үйэбиттэн оронон тахсан… Онон дьылҕабар наһаа махталлаахпын. Ханнык эрэ кэмҥэ тутулуга суох олордон, балаҕан дьахтара буолан олордоҕум дии. Ол кэмҥэ хайдах эрэ оннук олоруу наада да курдук этэ: хамнас төлөммөт, уопсастыбаҕа түһүү-тахсыы, өбүгэ үгэһигэр төннүү… Ол төлкө төрдүгэр төннөн төрүт эйгэни, дьиэ кэргэни өрө тутан олорбут сылларым бу Бириэмэни, бу Көмүс үйэбин баар оҥордохторо. Кэлин алгыстары суруйууга үлэлэппиттэригэр ити хатыламмат кэрэ олоҕум кэрдиис кэмин өйдүүрбэр, үрдүктүк тутан сыаналыырбар көмөлөспүтэ. Таптал аман алгыһа, дьиэ кэргэн – тэрилтэм, дьикти эйгэм дириҥ суолтатын, ыанар ынахтанан, хаһаайыстыбаланан олорорбор Ала Мылахсын хайдах абыраабытын өйдөөбүтүм, Күн Дьөһөгөйгө, Ынахсыт Айыытыгар сүгүрүйүү сиэрин-туомун оҥорбутум – туох баар сойон хаалбыты холумтаммар төттөрү ириэрэн аҕалбыта, Иэйэхсити бэттэх хайыһыннарбыта. Ол иннинэ хайдах сатанарынан, дьаалатынан олорбут кэмнэрим кэһиэхтэммит кэриэн ымыйата ыраастаммыта, өтөхсүйэ сыспыт алаһам сыыс ото ылҕаммыта… Эмиэ сахалыы тапталым алааһыгар саҥалыыра олохпор сайдам олох саргыта салаллыбыта. Барыта көстүбэт-биллибэт эйгэҕэ олоҕурар, ситимнээх, бэрээдэктээх эбит. Дьиэ кэргэҥҥин тэнитэн истэҕин аайы – бу аҕа, ийэ ууһунан чэлгийэн, саха омук сомоҕолоспут тутулугар эн баар эбиккин сыаналыыгын. Ону өйдөөтөххүнэ орун оннугар түһэр. Мин олох дьиҥ ситимигэр киирбэккэ, саха дьахтарын быһыытынан силистэнэн-мутуктанан олорбокко, аҥаардас суруйааччы эрэ суолунан барбытым буоллар, силигим ситэритэ суох буолуо этэ. Киһи аналын таба тайаннаҕына дьоллоох буолар.
– Саҥа кинигэлэриҥ нөҥүө туох санааны тиэрдэҕин?
– Бу үйэлэр кирбиилэригэр саха тыллаах суруйааччыта буолан, айар суолум арыллан тахсыбыт эбит. Кэнники түөрт кинигэм Сир Ийэни, Аҕа халлааны кыттабиир айыы ситимнээхтэр. Бу сиргэ силистэнэн олох олоро кэлэбит. Айар уоххун – айыы уоккун бэйэҥ олорор олоҕуҥ нөҥүө аһараҕын. Уһун сыллар устата олох олорбут, оҕо уруу тэниппит айыы тайбыт Аммам сирин-уотун кытта ситимнээх айымньыларбын холбообутум бэйэтэ туспа кинигэ буолан таҕыста. “Ийэ сиргэ сүгүрүйүү” диэн улахан баҕайы өйдөбүлгэ кинигэлэрим олоҕурбут эбиттэр. Трилогия курдук буолла. Амманы, Аар Айылҕаны, Ийэ Сиргэ сүгүрүйүүнү кытта ситимнээх айымньыларым “Айыыһыт алҕаабыт кытыла”, – диэн кинигэбэр киирдилэр.
Суруйааччы киһи айар-тутар айылгыта төрүттэммит омугун кытта ыкса ситимнээх, төрөөбүт дойдутуттан, ийэ сириттэн силистээх-мутуктаах. Сүрэҕэ омугун туһугар ыалдьар. Ол омук быһыытынан эн таҥыллыыҥ итэҕэлгэр, тылгар, сиргэр, сомоҕолоспут тыыҥҥар баар. Оннук ис хоһоонноох кинигэм “Айыы саха” диэн буолар. Саха сиригэр олорорбут, алаастан айыллан тахсарбыт философията барыта поэзия нөҥүө кутуллан кэлэр санааларга олоҕурбут кинигэ. Евразия-Азия-Саха сирэ-Алаас айыллыы тыынынан омук быһыытынан айыллан тахсан, түҥ былыргы омуктан кэлбит суолбутун анаарыы айымньылара тиһиллэн киирдилэр. Бу кинигэ үп-харчы көһүннэҕинэ, Бириэмэтэ кэллэҕинэ күн сиригэр төрүөҕэ диэн бигэ эрэллээхпин.
Кэлин айаҥҥа элбэхтик сылдьабын, Индияҕа тиийэн төбөт омук духуобунай лидера Далай Лама үөрэҕин нөҥүө буддизм философиятын сэҥээрдим . Саха бэйэтэ улахан итэҕэллээх омук. Бу өбүгэ ситиминэн аан дойдум устунан айантан айыллан тахсыбыт кинигэбин “Сакура тыллыыта” диэн ааттаатым. Ийэ сир икки атахтаах биһигэ, биир сомоҕо киһи-аймах утума, ситимэ, Аарыма Аал Кудугун чэлгийэр лабаата буолабыт диэн санааларга, өйдөбүллэргэ тирэҕирэн сурулла сылдьар кинигэ. Ол курдук аан дойдубар аан аартыкпын арыйар күлүүс тылбын көрдүү Японияҕа, түгэх өбүгэлэрбэр сүгүрүйэ Польшаҕа тиийэ сылдьыбыппыттан (миэхэ поляк хаана эмиэ баар), бу кинигэ айыллыахтаах тускула оҥоһуллан барбыта. Онтон Индияҕа эргиллэн тиийэ турар айаным – мин туспар дьикти арыйыылара элбэх.
Урут эдэркээн саастарбар, үрдүк үөрэхпин бүтэрээт, уһук хоту улуустарга тиийэн учууталлыы да, суруналыыстыы да сылдьыбытым. Булуҥ улууһугар Таймалыырга, Анаабыр Сааскылааҕар үлэлээбитим. Көҥүл суруйааччы буолбут кэммэр Эдьигээҥҥэ, Сааскылаахха, Дьааҥыга тиийтэлии сылдьыбытым. Арктика устун хаан тамайбыт айаммыттан – биирдэ өйдөөбүтүм “Дьолум маҥан табата” диэн кинигэ оҥоһуллан эрэр эбит. Маҥнай туох айылла сылдьарын өйдөөбөт курдуккун, онтон дьэ сааһылаанан, дьэҥкэрэн, арыллан иһэр. Туох айылаах уйуһуйан туран, бу ханна айаннаатым, кэллим-бардым диэн санаабытым, онтукам итинник тахсан кэллэ.
Орто дойдуга олох олоро кэлэн баран, кыараҕас кыбыыга кыбыллан, хаатыйаланан бэйэҥ бэйэҕэр олордоххуна, туох да хамсааһын тахсыбат. Онон айар эйгэ алыптаах тыыныгар киирэммин, олорорум тухары аан дойдуга айанныы, анаара, чинчийэ, дьиэ кэргэммин бэрийэ, чэлгитиһэ, сайдар саргынан салалла сылдьарга кыһаллабын.
Сурукка тистэ филологическай наука хандьыдаата
Ангелина КУЗЬМИНА
Хаартыскалар суруйааччы тус архыыбыттан туһанылыннылар