психолог сүбэлэрэ (14.09.2021) — НВК Саха

Оҕо үөрэххэ сатаан туттарсан киирбэккэ санааҕа ылларбыт түгэнигэр хайдах көмөлөһөр, соҕотох сулумах хаалбыт дьон олохторун хайдах уларытыахтарын сөбүн, чугас киһигин, төрөппүккүн сүтэрэр түгэҥҥэ кутурҕаны хайдах аһарар уонна «игромания» дьаллыкка ылларбыт киһиэхэ көмө туһунан психолог, гипнолог Светлана Федорова сүбэлэрин «Соргу туһугар» биэриигэ көрүҥ.

Соргулаах олох киһиэхэ мээнэҕэ бэриллибэт. Эн ис искэр, сүрэххэр иитиэхтээн самнан биэрбэт санааҕынан соргулаах олохтоноҕун дуу, эрэйгэ эриллэҕин дуу. Бэйэҥ эрэ билэҕин. Итини этэн эрдэхтэрэ барыта бэйэҥ илиигэр. Соргулаах олох туһугар санаа сааһыланнаҕына, сүбэ түмүлүннэҕинэ, кыайтарбатах да кыаллар.

ТАР5АТ: