Бу Таҥара дьиэтэ католическай-христианскай итэҕэл киинэ буолар. Манна католическай-христианскай итэҕэллээх дьон куораттан, оройуоннартан кэлэллэр. Куоракка үлэлиир Вьетнамтан, Филиппинтан кэлбит дьон, итиэннэ, Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэккэ араас дойдуттан үөрэнэ кэлбит устудьуоннар сылдьаллар.