Саха мас оонньуулара | САХА ЭТИГЭН ТЫЛА

Саха мас оонньуулара киэҥ эйгэҕэ тахсаллар. Бизнес-инкубатор резидиэнэ Кэскил Прудецкай “Масигра” диэн устуудьуйа мастарыскыай тэринэн, иккис сылын маһынан сахалыы мындыр оонньуурдары оҥорор. Бу күннэргэ аны эбии үс оонньууругар патент ылан, оҥоһуктарын тарҕатар кыахтанна.

Өскөтүн мас төгүрүктэр хайаҕастарга түспэккэ эрэ ыллыгынан мэҥэ чыпчаалга өрө сүүрэн тахсан эргийэн кэллэхтэринэ, өрөгөй-кыайыы буолар. Дьэ онуоха мотуоктары уҥа-хаҥас эрийэн, быаны тардыалыыгын.

“Хайаны дабайыы”диэн оонньуутун Кэскил Прудецкай бастаан дьоҕус гына оҥорбута. Ону тупсаран, улаатыннаран биэрэн, патент ылла. Кэскил мындыр оонньуурдары бэс мастан итиэннэ фанераттан чочуйар. Өйү-толкуйу сытыылыырын таһынан, киһи илиитин-атаҕын эмиэ эрчийэр. Итиэннэ сахалыы тыыннаах, төрүт үгэскэ тирэҕирэр. Холобур, Туймаада оонньууларыгар аттар сүүрэн, туйахтарын тыаһа битигириир. Эмиэ мотуоктары харса суох эргитэн, ким ата бастакы биэтэккэ кэлбит – бастыыр. Маннна икки киһи оонньуур. Урукку хоккей оонньуутун санатар, ол эрээри оонньуу быраабылата атынын ааһан, киһи илиитин-атаҕын былчыҥнара сайдар.

Остуол оонньуутун киэҥник тарҕатарга эмиэ анал көҥүл бэриллибит, онон уһуйааннарга, оҕону сайыннарар кииннэргэ үлэһэн ылыахха сөп. Оттон Кэскил этэринэн, сонун санаа хомоҕой хоһоон кэриэтэ эмискэ күлүм гынан чаҕылыйар. Оччоҕуна утуйар да уу умнуллар. Наар ол санаата буолар, өйгөр ойуулаан көрөҕүн.

Дьэ биир оннук түгэҥҥэ “лифт” диэн оонньуу үөскээбит. Бастаан эмиэ дьоҕус гына кыһан оҥорбута, ону үс бүк үрдэтэн, соҕотоҕун эбэтэр иккиэ буолан оонньуохха сөп. Мотуоктары тэҥҥэ эрийэн, саамай сүрүнэ мас киһини охторбокко үөһээ таһаарыахтааххын. Өссө биир бэртээхэй оонньуу – муҥха буолар. Балыктары муҥха кэриэтэ халбыйан ылаҕын, ким элбэҕи хаптарбыт кыайар. Кэскил Прудецкай бэйэтэ үлэ уруогун учуутала дьупулуомнаах. Онон уһанар хоһун куортамнаһан, эт мэйиитинэн туһалааҕы тобулар. Билигин саха мындыр оонньуурдара Англияҕа, Новай Зеландияҕа, Казахстаҥҥа тиийэ тарҕаммыт. Аны өссө “Байанайдаах булчут», «Балыксыттар», «Кусчуттар» диэн үс араас оонньууттан таҥыллыбыт “Үүтээн оонньуулара”, итиэннэ “Отонньуттар” диэн сана оҥоһуктарыгар патент ылаары Кэскил сайаапкатын ыытан сылдьар.

Екатерина Аммосова, Павел Пахомов.