Хас биирдии норуот төрүт сүөһүлээх, сылгылаах түгэнигэр кини норуот быһыытынан ааҕыллар. Саха сүөһүтэ аборигеннай, атын хаан булкуспатах боруодата буолан, кини олус улахан суолталаах. Ол курдук, саха боруода сүөһүтэ уҥуоҕунан кыра, сиһэ уһун, дьүһүнэ араас, этэ сыа быыстаах, сыата-этэ олус үчүгэй амтаннаах, түүтэ хойуу буолар. Биэриигэ Саха сүөһүтэ элбиир кэскиллээҕин туһунан кэпсэттибит.