«Саха сирэ» информационнай биэрии. Сэтинньи 12 күнэ, 20:30 ч. — НВК Саха

«Саха сирэ» информационнай биэрии сэтинньи 12 күнүнээҕи таһаарыытыгар көрүҥ:

  • Коронавируһу бопсууга улуустар хайдах дьаһанан олороллоруй? Горнай улууһун холобура бүгүҥҥү биэриигэ.
  • Уус Алдан дьоҕус Балаҕаннаах улууһун 19 ыалын киин ититии систиэмэтигэр холбоон саҕалаатылар.
  • Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйигин ыччата Иван Павлов социальнай хантыраак көмөтүнэн хаартыска бэчээттиир уонна дьиэҕэ-уокка туттар тэриллэри оҥорор өҥөнү арыйда.
  • «Якутия» авиа хампаанньа 737 700 диэн үһүс боинг сөмөлүөтүн тутта.
  • Амма улууһун Болугур нэһилиэгин олохтооҕо, отоһут, эмчит Мария Петрова хамсык дьаҥа элбээн турар кэмигэр эмтээх утах бэлэмнээбит.


ТАР5АТ: