Сахалыы дебат | САХА ЭТИГЭН ТЫЛА

Аан дойдуга хоруупсуйаны утары охсуhуу күнүн көрсө сахалыы Дебат буолла. Дебакка оҕолор уустук тиэмэҕэ сахалыы саҥаралларыгар ыарырҕаппыттарын эттилэр. Ол да буоллар, биирдиилээн үчүгэйдик саҥарар оҕолор баалларын бэлиэтиэххэ наада.

Күрэх түмүгэ:
1 миэстэ «Тумсуу» хамаанда
2 миэстэ «Саха сирин кэскилэ» хамаанда
3 миэстэ «Сэргэлээх» хамаанда

Тэрийэр бөлөх: «Фемида» оҕо тэрилтэтэ, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы саха национальнай гимназия, Cаха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иhинэн улэлиир управление, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияҕа министиэристибэтэ, «Саха кэскилэ» Саха Өрөспүүбүлүкэтин ресурснай киинэ.

Күрэххэ ХИФУ «Сэргэлээх» оскуола-лабораториятын, Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолатын, саха гимназиятын, саха-политехническэй лиссиэйин, Кэбээйи улууһун Сангаар гимназиятын, Уус Алдан улууhун, Лөгөй оскуолатын, Таатта улууһун Н.Е.Мординов аатынан лиссиэйин үөрэнээччилэрэ, ХИФУ ИЗФиР, ФЭИ, тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара кытыннылар.

Бу дебат «Саха этигэн тыла» ютуб-ханаалга https://www.youtube.com/channel/UCBxbBrz—hAvlAHbYcxmcsQ тахсыаҕа.

ТАР5АТ: