“Олох олорор толоону туоруур буолбатах” дииллэрин оҕо эрдэхпиттэн истэрим. Туох да кыһалҕата суох ойор-тэбэр оҕо сааһым кыһыл көмүс күннэрин билигин санааммын, хараастан ылабын. Оҕо буола сылдьыбыт киһи баар ини… Билигин ити кэрэ кэмнэрбин түүлбэр эрэ көрөбүн.