Өрөспүүбүлүкэ таксистарын суолу-ииһи төһө билэллэригэр уонна эрэгийиэн историятыгар тургутуохтара.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр бастыҥ таксиһы таларга «Лучший водитель такси в России – 2022» Арассыыйатааҕы күөн күрэс V эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ ыытыллар. Такси суоппардара – 15 000, 10 000 уонна 5 000 солкуобай харчынан бириэмийэни ылар иһин күрэхтэһиэхтэрэ. Оттон кыайыылаах эрэгийиэн аатыттан күрэс түмүгэр кыттар чиэскэ тиксэр. Тэрээһин үгэс курдук эрэгийиэннээҕи Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар.
Тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга 12:00 чааска Дьокуускайга Комсомол болуоссатыгар ыытыллар.
Бастыҥы хайдах талыахтарай?
Күрэс үс түһүмэҕинэн ыытыллар. Суоппардар куорат суолун ситимин, кэрэхсэбиллээх сирдэр, өрөспүүбүлүкэ историятын тустарынан, о.д.а. ыйытыктарга хоруйдууллар.
Оттон массыына үрдүгэр уулаах ыстакааны ууран баран айаннааһын болҕомто киининэн буолуоҕа. Күрэхтэһээччилэр араас харгыстары туоруохтаахтар. Холобур, «установка детского кресла», «змейка» иннинэн-кэннинэн айаннаан көрдөрүү, «параллельная парковка», «бокс», «разворот в ограниченном пространстве», «бордюр», «повороты на 90 градусов» , «стоп-линия», о.д.а. сорудахтар баар буолуохтара. Дьүүллүүр сүбэ биэтэккэ диэри ыстакааннаах ууттан биир да хааппыланы тохпокко кэлбит киһиэхэ эбии очукуо ааҕар.
Суоппар навигаторынан эрэ сирдэтэн дьону таспакка, кини айанньыттары сэргэхситэри эмиэ сатыахтааҕын тэрийээччилэр бэлиэтииллэр. Суоппар туристары вокзалга, аэропуортка көрсөр, онон куорат уонна кэрэхсэбиллээх сирдэр тустарынан сырдатар буолуон баҕарабыт диэн таксины сайыннарыыга уопсастыбаннай сэбиэт дириэктэрэ Александр Шмигидин этэр.
10:00 — түмсүү, регистрация, жеребьевка
10:30 — теоретическай туурдар
12:00 — тэрээһини үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы
12:30 — практическай тур
15:30 — наҕараадалааһын
16:00 — тэрээһин түмүгэ
Саха сирин олохтоохторун күрэхтэһиигэ кыттарга ыҥыраллар: https://russia-driver.taxi/#participate
Таксины сайыннарыыга уопсастыбаннай сэбиэт РФ Тырааныспарга министиэристибэтин, РФ ИДьМ суолга куттал суох буолуутун хааччыйыыга сүрүн управление өйөбүллэринэн тэрийэр.