«Эйгэ» биэриигэ СӨ «Гражданскай Килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ Руслан Алексеев уонна СӨ Үөрэҕин туйгуна, учууталлар Учууталлара, СӨ Үөрэҕин бочуоттаах бэтэрээнэ Любовь Алексеева ыалдьыттаатылар.
Ону тэҥэ олоҥхону уһуйааҥҥа үөрэтии, оҕону куукула эйгэтигэр угуйуу, Тулагы агро оскуолатын ситиһиитэ уонна да атыны сиһилии сырдаттыбыт.