улуустар, нэһилиэктэр уларыйыылара юрист хараҕынан (21.02.22) — НВК Саха

Улуустар, нэһилиэктэр уларыйыыларын туһунан федеральнай сокуон барылын ырытыы бу күннэргэ түмүктэннэ, Ил Түмэҥҥэ анал оробуочай бөлөх тэриллэн үлэлээтэ.

Уопсайа 150-ча этии киирбититтэн дьокутааттар уон уларытыыны Судаарыстыбаннай Думаҕа туруорсар буоллулар. Бэйэни салайыныыга киириэхтээх уларыйыылар нэһилиэк, улуус диэн историческай суолталаах тэрээһиннэрбитигэр хайдах дьайыахтарай диэн хас биирдиибитин долгутар. Ил Түмэн тугу туруорсарый? Сокуон барыла — юридическай докумуон, онон бүгүҥҥү биэриигэ Россия Үтүөлээх юриһа Макар Макарович Яковлев көрүүтүн кытта билистибит.

 

ТАР5АТ: