Владимир Путин Арктика сайдыытыгар мунньах ыытта

Муус устар 14 күнүгэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Арктика сайдыытын салгыы түстүүр дьоһун мунньаҕы ыытта.

Мунньахха Путин Арктикаҕа улахан болҕомто ууруллуохтааҕын ыйда. Чуолаан социальнай эйгэ — дьон-сэргэ доруобуйата, куттала суох буолуута, куораттар, бөһүөлэктэр олохторун-дьаһахтарын хааччыйыы — инники күөҥҥэ туруоҕа. Арҕааҥы дойдулар киллэрбит хааччахтарын кэмигэр бары хайысхаҕа үлэ өссө тэтимириэхтээҕин кини тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

“Сотору Хоту таһаҕаһы тиэрдии сезона саҕаланарын учуоттаан, Арктика олохтоохторун, вахтовиктары, тэрилтэлэри, социальнай объектары аһынан-үөлүнэн, эминэн-томунан, уматыгынан, тутуу матырыйаалынан, оборудованиенан быыстала суох хааччыйыахтаахпыт. Бу туһугар эппиэттээх биэдэмистибэлэр сөптөөх уонна түргэн дьаһаллары ылына охсуохтаахтар», — диэтэ кини.

Владимир Путин Бырабыыталыстыбаҕа, Арктика эрэгийиэннэрин салайааччыларыгар былааннаммыт бары социальнай тутуулары кэмигэр тутуллан иһэллэрин хонтуруоллуулларын дьаһайда. Инвестиционнай бырайыактар барыта туолуохтара.

Вице-премьер Юрий Трутнев, айылҕа баайыгар-дуолугар уонна экологияҕа миниистир Александр Козлов дакылааттарын, этиилэрин истэн баран, президент кэккэ сорудахтары биэрдэ.

Ол курдук 2035 сылга диэри Хотугу муора суолун сайдыытын былаана оҥоһуллуоҕа. Манна таһаҕаһы тиэйии боппуруостарын, арктическай хараабыллары, ол иһигэр ледоколлары, саахал таҕыстаҕына быыһыыр хараабыллар тутууну эмиэ киллэриэхтэрэ.

Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ туспа федеральнай сокуон баар буолуоҕа. Бу сокуон ханнык таһаҕаһы ханан, хаһан тиэйэри, хайдах ону хонтуруоллууру барытын учуоттуохтаах. Хотугу муора суолугар тиксэр өрүстэринэн саҥа транспорнай көрүдүөрдэри толкуйдуохтара уонна баар суоллары эмиэ саҥардыахтара.

Арктическай зонаҕа үлэлии сылдьар тэрилтэлэргэ оҥоһуллар чэпчэтиини хат көрүөхтэрэ.

Хотугу флот базата буолбут Мурманскай уобаласка баар сабыылаах куораттарын инфраструктуралара саҥардыллыаҕа, дьиэ-уот, социальнай объектар эбии тутуллуохтара. Атын Арктика субъектарын салалталарын бу хайысхаҕа эмиэ кытыннарыахтара. Оҕо саадтары, оскуолалары, балыыһалары, култуура дьиэлэрин тутууга тэтимнээх үлэ барыаҕа. Саҥа үлэ миэстэтигэр болҕомто ууруллуохтаах.

 

Чокуур Гаврильев, «Саха сирэ»

ТАР5АТ: