Бүгүн Тапталлаахтар күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күнүнэн сибээстээн, биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт, Уус Алдантан Полина Находкина-Победа хоһооннорун таһаарабыт. «Таптал диэн дьол! Бииргэ буолбатах да буоллаххына, ыраас үйэлээх тапталы билэр дьол!
Мин бүгүҥҥү хоһооннорум олоххо таптал баарын кэпсииллэр», — диэн Полина-Победа этэр.