Санкт-Петербурга «Газпром Арена» стадиоҥҥа ыытыллыбыт «Гастрономическая карта России» бэстибээлгэ Саха сириттэн Николай уонна Валерия Атласовтар кыттыбыттар.
Кинилэр саха төрүт аһын — тоҥ кыһыллыбыт балыгы, хаппыт балыгы билиһиннэрбиттэр.
СӨ биллэр шеф-асчыт Николай Атласов бэлиэтээбитинэн, саха төрүт аһа туһатын уонна минньигэс амтанын билиһиннэрэр сыаллаах кыттыбыттар.
СӨ ыалдьыты көрсүү Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова саха төрүт аһын бүтүн дойдутааҕы бэстибээллэргэ билиһиннэрии улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.