Горнайга Августина Филиппова үбүлүөйдээх айар дьоро киэһэтэ буолан ааста

Горнай улууһугар Августина Филиппова айан таһаарбыт, тикпит ураты кэрэ көстүүлээх көстүүмнэрин уобарастарын толору тиэрдэр сыалтан интерактивнай быыстапка арылынна.

Көрөргө-истэргэ табыгастаах буоллун диэн 

аныгылыы информационай технологиянан ситэриллибит. Онон хас биирдии уобарас оһуорун, оҕуруотун инниттэн-кэнниттэн эргиччи көрүөххэ, хайдах айыллыбытын, суолтатын туһунан баай ис хоһоонноох историяны истиэххэ сөп. 

Бу барыта Августина Николаевна айар үлэтин үйэтитиигэ уонна кэнчээри ыччакка тириэрдиигэ туһуланар.

ТАР5АТ: