Улууспут тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туруулаһан үлэлэһэ сылдьар урбаанньыт Игорь Яковлев буолар.

Быйыл Элгээйи нэһилиэгиттэн СВО-ҕа сулууспалыы сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр уонна СВО бэтэрээннэригэр биирдии куул хаппыыста түҥэтэн махталлара улахан.
Ону таһынан улууспут атын нэһилиэктэригэр олорор СВО кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр биирдии куул хаппыыста түҥэтэлээтэ.

Бүгүн тыа хаһаайыстыбатын күнүнэн Игорь Николаевичка итии-истиҥ эҕэрдэ! Сыралаах үлэҥ түмүгэ өрүү үрдүк ситиһиилээх, элбэх үүнүүлээх буоллун. Үтүө санааҥ сүүс төгул үтүөнэн эргийдин.

Источник: https://t.me/suntaar_sonunnara/18761

ТАР5АТ: