Мин бөлүүн түhээммин
Ырыа кыыстыын көрүстүм
Эйэҕэс бэйэлээх,
Эдэркээн дьүhүннээх
Кыталыктыы кынтайан
Кубалыы үөhэ дайан
Имигэстэй илиилээх,
Синньигэстэй бииллэрдээх
Ол эрэн мин билэбин
Ырыам истиҥ иэйиитин
Туохтааҕар да күндүгүн
Ырыа кыыс барахсан
Күлбүт кэрэ мичээриҥ
Сүрэҕи нүөлүтэр
Дууhам нарын иэйиитэ
Ырыа кыыс барахсан
Чугас истиҥ доҕоруом
Ырыа кыыс эн буолаҕын
Эппэтэх да тылларбын
Эйиэхэ эрэ этиэм
Иккиэн бииргэ өйдөhөн
Yөрүүбүтүн үллэстиэх
Санаабытын тапсыахха
Истиҥ дьүөгэм барахсан
Ол эрэн мин билэбин
Ырыам истиҥ иэйиитин
Туохтааҕар да күндүгүн
Ырыа кыыс барахсан
Күлбүт кэрэ мичээриҥ
Сүрэҕи нүөлүтэр
Дууhам нарын иэйиитэ
Ырыа кыыс барахсан
Күлбүт кэрэ мичээриҥ
Сүрэҕи нүөлүтэр
Дууhам нарын иэйиитэ
Ырыа кыыс барахсан
Дууhам нарын иэйиитэ
Ырыа кыыс барахсан