Лэгэнтэй — Гитара ырыата

Ытаата гитарам ытаата,
Эйигин сайыста,айманна.
Арай эн ону аахайбаккын,
Тапталбын олох билиммэккин.

Бүгүн курус күн үүннэ
Эн бардыҥ дойдугар,
Миигин саныырыҥ дуу,
Суо5а дуу?
Атаарабын эйиигин
Ыраахтан көрөн туран,
Кыыhырбыт хараҕыҥ
Миигин хомотор,
Кыыhырбыт хараҕыҥ
Миигин хомотор.

Эн бардыҥ биир тылы эппэккэ,
Хаалабын соҕотох туран,
Өр ылан эккирэтэбин мин,
Сиппэккэ хаарга охтобун.

Бүгүн курус күн үүннэ
Эн бардыҥ дойдугар,
Миигин саныырыҥ дуу,
Суо5а дуу?
Атаарабын эйиигин
Ыраахтан көрөн туран,
Кыыhырбыт хараҕыҥ
Миигин хомотор,
Кыыhырбыт хараҕыҥ
Миигин хомотор.(2х)

ТАР5АТ: