Анжеро-Судженск уонна Саха сирэ култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлэһиэхтэрэ

Саха АССР 100 сылынан Анжеро-Судженскай кыраайы үөрэтэр түмэл уонна СӨ хомус түмэлэ култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии туһунан дьүүллэстилэр. Бу туһунан түмэллэр пресс-сулууспалара иһитиннэрэр.

Конференцияны «Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл» дириэктэрэ Елена Панарина иилээн-саҕалаан ыытта.

«Билиҥҥи усулуобуйаҕа култууралар алтыһыылара улахан суолталаах», — диэтэ кини.

Онлайн-конференция кэмигэр түмэллэр бииргэ үлэлэһиилэрин дьүүллэстилэр, сүрүн төрүөтүнэн саха хомуһа буолла.

Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов хомус судаарыстыбаннай түмэлин туһунан кэпсээтэ, искусствовед уонна научнай үлэһит Айсен Деллохов сэдэх уонна ураты фольклор инструменнарын билиһиннэрдэ.

Конференция түмүгэр, түмэллэр икки ардыларыгар саҥа бырайыактары оҥоруу туһунан этиини өйөөтүлэр.

«Бэс ыйыгар III-с аан дойдутааҕы «Хомусист – виртуоз мира» куонкурус ыытыллара былааннанар. Салгыы бииргэ үлэлэһии үтүө эрэ өттүнэн дьайыа диэн бигэ эрэллээхпин», — диэтэ Хомус түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов.

ТАР5АТ: