Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар тутулла турар Арктическай киин аныгы акустическай саалатыгар симфония кэнсиэрдэрин ыытыахтара уонна опера-балет испиктээкиллэрин туруоруохтара. Бу туһунан СӨ филармониятын сүрүн дирижера Фабио Мастранджело иһитиннэрдэ.
«Олус үчүгэй акустикалаах аныгы кэнсиэртиир саала баар буолуон наада. Оркестр сайдыыта уонна тыаһын таһыма мантан улахан тутулуктаах. Көрдөһүүбүн иһиттилэр. Уонча сыл ааспытын үрдүнэн, саала билигин тутулла турар. Манна симфония кэнсиэртэрин ыытыахтара уонна опера-балет испиктээкиллэрин туруоруохтара», — диэн дирижер кэпсээтэ.
Фабио Мастранджело Саха сиригэр оркестры сайыннарыыга симпозиумнар уонна түмсүүлэр, научнай конференциялар ыытыллыахтара диэн акустическай саала тэриллиитин өйүүрүн бэлиэтээтэ.
Саала тэриллиитин Россия народнай артыыһа Валерий Гергиев эмиэ өйөөтө. Азияҕа маннык үчүгэй саала элбээбитин, ордук Кытайга, Японияҕа, Кореяҕа туталларын бэлиэтээтэ.
Арктическай кииҥҥэ судаарыстыбаннай филармония, «Олонхо» тыйаатыра, П.А. Ойуунускай аатынан академическай тыйаатыр бииргэ үлэлиир буолара былааннанар.
Ону тэҥэ, түмэллэр быыстапкалыыр саалалара, уопсастыбаннай эйгэ, саммиттар уонна кэнгириэстэр ыытыллар саалалара баар буолуоҕа.