«Дьахтар дьоло — бэриниилээх тапталыгар»

Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Иванова–Айтыына — элбэх кинигэ, үгүс өрөгөй ырыа ааптара. Кини оҕолорго аналлаах хоһооннортон саҕалаан, сахалыы остуоруйаларга, кэпсээннэргэ, олоҥхоҕо тиийэ суруйда. Галина Никитична тылларыгар «Азия оҕолоро» успуорт аан дойдутааҕы оонньууларын, Мүрү нэһилиэгин, улуус култууратын Өрөгөйүн ырыалара дорҕоонноохтук ылланаллар.


Тарҕат: