С.А. Зверев аатынан үҥкүү тыйаатыра саха АССР үтүөлээх артыыһа, балерина, этнохореограф, устуоруйа билимин кандидата Мария Яковлевна Жорницкая төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээтэ.
Мария Жорницкая Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын үҥкүүлүүр култураларын чинчийбит бастакы этнохореограф учуонай: сахалар, чукчалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, коряктар, ительменнэр, нууччалар. Саха үҥкүүтүн туһунан хас да кинигэ ааптара. Кини үлэлэрэ хореографтарга, устуоруйаны үөрэтээччилэргэ сирдьит буолаллар.
Саха сиригэр 1945 с. кэлбитэ. Үлэтин саха музыкальнай тыйаатыр-устуудьуйатыгар балет солиһынан саҕалаабыта. М.Жирков, Г. Литинскэй «Сир симэҕэ», Б. Асафьев «Бахчисарайский фонтан» балет бастакы испэктээктэригэр сүрүн баартыйаны толорбута. «Ньургун Боотур» опера-олонхоҕо үҥкүүлэри ситиһиилээхтик туруорбута. 1948 сылтан М.Н.Жирков бастакы чинчийиилэриттэн саха үҥкүүлэрин үөрэтиитэ саҕаламмыта. 1963 с. Мэҥэ Хаҥаласка этнографияны үөрэтэр эспэдииссийэҕэ кыттыбыта. Муома, Аллайыаха, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Анаабыр оройуоннарыгар, ыаллыы уобаластарга научнай эспэдииссийэлэргэ сылдьыбыта. Антропология уонна этнография VII аан дойдутааҕы конгреһыгар “Опыт изучения традиционных танцов народов Якутии”(Москуба, 1964) дакылаатынан кыттыбыта. «Народные танцы Якутии» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
«Сияние Севера» судаарыстыбаннай үҥкүү ансаамбылын бастакы састаабын кэнсиэригэр анаан Мария Яковлевна «Лондол» дьүкээгир үҥкүүтүн уонна Индигир Русское Устье олохтоохторун «Омуканово» үҥкүүлэрин туруорбута.
Сүүрбэттэн тахса сыл балет артыыстара Сергей Зверев-Кыыл Уола туруорбут “Оһуор” үҥкүүтүн бэрт ситиһиилээхтик толороллор. 1957 с. Москубаҕа буолуохтаах устудьуон уонна ыччат VI аан дойдутааҕы фестивалыгар анаан 30 мүнүүтэ устата үҥкүүлэнэр ити үҥкүүнү кылгатыахха наада этэ. Мария Яковлевна Сергей Афанасьевиһи тылыгар киллэрэн кылгастык уонна чаҕылхайдык көрдөрбүттэрэ. Онуоха кини консультант быһыытынан кыттыбыта.
Орто Халыма улууһугар эспэдииссийэҕэ сылдьан Мария Яковлевна кырдьаҕастары кытта ыкса үлэлэспитэ. Матырыйаалы бүтүннүүтүн диктофоҥҥа суруйтарбыта уонна камераҕа устубута…
Дьүкээгирдэр баай фольклордарыгар олоҕуран туруорбут «Лондол» үҥкүүтүн хореографтар Долаана Федотова уонна Людмила Антипина сөргүтэн туруорбуттара үөрдэр. Бу үҥкүү хамсаныыларыгар атах тыаһа, көтөр-сүүрэр хаһыылара, эрчим, хотугу айылҕа кэрэтэ бүтүннүү көстөр.
Саха сирин олохтоох омуктарын үҥкүүлэрин чинчийбит, билиҥҥи көлүөнэ дьон көрөрүгэр анаан үйэтиппит учуонай Мария Яковлевна Жорницкая аата тыыннаах!
Ангелина Кузьмина.
Хаартыскаларга: Мария Жорницкая, Мария Жорницкая уонна Аксиния Посельская, С.А. Зверев аатынан үҥкүү тыйаатырын кэлэктиибэ Мария Жорницкая төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар анаан туруорбут кэнсиэрдиттэн. Хаартыскалары С.А. Зверев аатынан үҥкүү тыйаатырын пуондатыттан туһанныбыт.