Баһылай Яковлев «Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиитим» кэпсээнинэн «Тойон кыыл» киинэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ылбыта. Үбүлүөйдээх 40-с Москубатааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин «Кыһыл көмүс Сибэтиэй Георгий» бирииһин ылбытын, бэстибээл Гран-при лауреата буолбутун үөрэ, долгуйа истибиппит. Режиссёр Эдуард Новиков, сценарий ааптара Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр, продюсер Сардаана Саввина уонна сүрүн оруоллары толорооччу артыыстар Зоя Попова, Степан Петров буолаллар. Ону тэҥэ Канадаҕа Торонто куоракка буолбут ImagineNATIVE XIX киинэ бэстибээлигэр Best Dramatic Feature хайысхаҕа сүрүн бирииһи, Лос Анджелеска ыытыллыбыт «Asian World Film Festival» бэстибээлгэ «Бастыҥ киинэ» ааты ылбыта.
Бу киинэни көрөн баран үгүс саха киһитигэр ийэ тылбытын, үгэспитин, литературабытын сайыннарар, норуот быһыытынан бөҕөргүүр, айылҕабытын харыстыыр сыалтан уһуну-киэҥи анаарыахха, инникитин да киэҥ хабааннаах үлэни ыытарга туһаайыахха диэн санаа үөскээбитэ.
«Аан дойдуга ыытар саҥабыт, этиибит»
Ульяна Алексеевна Винокурова, социология билимин дуоктара:
– Бу киинэ үрдүк сыанабылы ылан турар, онон туга сиппэтэҕин ырытар туһата суох. Кини кыайыыта, биһиэхэ, сахаларга, уонна айар бөлөххө туох туһалаах буолуон сөбүй диэн сүбэлэһиэххэ сөп. Кыайыылаах бөлөҕү эҕэрдэлээн туран, тоҕо кыайбыттара буолуой дии санаатым. Аан бастаан гран-при ылар түгэннэрин тэлэбиисэринэн көрбүтүм, кинилэргэ олус соһуччу этэ. Ол аата тугу оҥорбуттара үрдүк суолтаны ылыа диэн санаабатахтар. Киинэҕэ хотой сүрүн дьоруой, кини үгүс омукка ытык көтөр. Биһиги Хотой Айыылаахпыт, түмсүүнү, тэрээһини тутар. Кини киһини айылҕа дьаһаныытын кытта дьүөрэлиир. Ону билигин киһи аймах өйдөөн эрэр, киинэ ити көрдөөһүҥҥэ хараҕы аста.
Олоххо тардыһыы киһи ис туругуттан тахсарын, эр киһи дьахтар сыһыаныттан, олоҕу олоруу дьүккүөрдээхтик күннэтэ туруулаһыыттан, мындыр сатабыллартан уонна тыынар тыыннаах олоҕун майгытын харыстыыртан ситимнээҕин санатар. Ити ытык өйдөбүл баай-дуол саамай намыһах кэрдииһигэр олорор сахаҕа баара уонна билигин да тыыннааҕа үгүс көрөөччүлэри сөхтөрбүт, долгуппут. Биһиэхэ, сахаларга, бу киинэ биһиги аан дойдуга ыытар саҥабыт, этиибит, көстүүбүт буолар. Айыы тыыммыт арыллыбыта көстөр. Ону Хотой Айыыга сүгүрүйэрбит ордук сытыырхатан биэрдэ. Онон айылҕаны, дьон туругун харыстыыр сыаллаах киинэни хайдах туһаныахха диэн анал дьаһал тахсыан сөп.
А.Е. Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ түһэриэххэ. Үөрэх тэрилтэлэригэр тарҕатыахха. Айар бөлөххө үбүнэн улахан өйөбүл оҥоруохха, ылбыт кирбиилэрин кэҥэтэн истиннэр, аан айылҕабытын харыстыыр хайысха кэҥээн истин, саха айар дьоҕурун, өйүн күүһүн күүһүрдэн, бэйэҕэ эрэмньини сырдаттыннар. Билиҥҥи муҥкуруу, муҥурданыы сибикитэ биллэн иһэр кэмигэр бэйэ ис дьоһунун бөҕөргөтөр айымньыларынан эмтиир, ыраастыыр дьоммутугар махталлаах буолуохха.
Бу киинэ экософия диэн дьиҥ айылҕа тыыныгар киһи дьүөрэлэһиитин визуальнай искусство технологияларын ньымаларынан туруорсара күүстээх контраст, аныгы киһиэхэ дьайар. Онон төрүт өйү-санааны тыыннаахтыы уонна туруорсуулаахтык тута сылдьар эдэр дьоммут саамай күүстээхтик дьайар киинэ искусствотын мындырын баһылаабыт идэлээх сахалардаах буолбуппут биһиги киһи аймахха туһалаах суолталаахпытын көрдөрдө.
Оттон хотойу ытыы – экофобнай, айылҕаны утары барар, идеология үйэтэ суох, эстэр. Оннук да, тобоҕун хаалларбыт, хотойу кырдьаҕастар бэйэлэрэ оҕолорун таһыгар кистииллэр. Онон кэскилбит баар дуо диэн сытыы боппуруоһу туруорар киинэ. Саха сүөһүтүн эстиитэ, оҕото суох ыал, тыла суох аймах, кистэнэр ойуун, үөһэттэн соҥнооһун… Ол эрээри ыччаттар аймахтарын билинэллэр, кырдьаҕаһы ытыктыыллар, ол аата төрүт ытык сыһыаннары тутуһаллар…
Иван Васильевич Мигалкин, саха норуодунай бэйиэтэ, СӨ Суруйааччыларынсойууһунбэрэссэдээтэлэ:
– Киинэни көрө олорон наар Баһылай Баһылаайабыс Яковлевы саныы олордум. Ити кини баара-суоҕа 39 саастааҕар 1973 с. суруйбут айымньыта буолар. Сэбиэскэй былаас үгэннээн турар бириэмэтигэр, ол былаас туһунан дуоһүйа тыынар кэммитигэр, хаһан эрэ аны 45 сылынан бу мин саныыр санааларым олоххо киириэхтэрэ, сиэр-туом тиллиэ диэн суруйбут саха сахатынан хайдах курдук эрэйдээхтик олорон кэлбитин көрдөрөр айымньыта киинэ буолан таҕыста. Киинэ аата киинэ, элбэх кинигэни ааҕан баран көрдөхпүнэ, хаһан да астыммытым суох буолар. Тоҕо диэтэргит, биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар, харахпытыгар айымньы суруллубута көстөн кэлэр. Дьэ, холобур, саһыл, саарба диэн киирэн биэрдилэр. Дьиҥнээх айымньытыгар солоҥдо буолар. Ол эрээри кинематография уонна литература ускуустубата тус-туспалар. Хайата табыгастаах өттүнэн көрдөрүү буолар. Онон мин бу режиссер Эдуард Новиков бэйэтин толкуйа өссө күүстээх эбит диэн бэлиэтиибин. Бу киинэ аан дойду олохтоохторугар ананар. Ол быһыытынан саһыл уонна саарба көстөллөрө ордук үчүгэй дии саныыбын. Аны Оппуос оруолун оонньообут Зоя Попова дьүһүннүүн туттардыын-хаптардыын 30-с сыллардааҕы саха дьахтарын кини сэмэйин, кини кыараҕас ыырын, ол гынан баран тыыннаах хаалар туһуттан ыллыктаах санаалардааҕын олус үчүгэйдик көрдөрдө. Аны ойуун кэлэн барыыта… Бу оруолу толорбут Афанасий Федоровы мин олох үчүгэйдик билэбин. Афанасийдыын бары биир кэмҥэ үөрэннэхпит дии. Ойууну көрдөрүүтэ, санаабар, арыый ситэтэ суох курдук. Саатар, биирдэ-иккитэ дүҥүргэ охсубута буоллар, күүстээх буолуо этэ дии саныыбын. Дүҥүр диэн аҥаардас кыырыы буолбатах саха толкуйун муусукатын курдук, ол гынан баран ыарахан муусука буолар. Оҕонньор уобараһын оонньообут артыыс Степан Петров бэйэтин кэмин уонна оччотооҕу толкуйу мындырдык көрдөрдө.
Сахалыы күүстээх былыргы тыллардаах айымньы. Айылҕа көтөрдөрө айылҕалыын силбэһэн, холобур, бу тойон кыыл хотойдор соҕуруу көтөллөрүгэр өрүү туллуктары кытта көтөллөр. Тоҕо оннук көтөллөрүй? Айылҕа анаан аныыр – ыраах үөһээ кыырай халлааҥҥа көтөн иһэн аччыктааталлар эрэ аргыстарын туллуктары биир-биир ыйыстан иһэллэр. Ону киинэҕэ тылынан биэрэр киһи омуктарга, нууччаларга интэриэһинэй буолуо этэ. Хотой бары норуоттарга баар уобарас, ол гынан баран кимниин аргыстаһалларын, тоҕо тыыннаах өр айанныылларын улуу нуучча норуоппут да итинниги ымпыгын-чымпыгын билбэттэр. Саха дьоно кэтээн көрөн номоххо хаалларан Василий Яковлев ону суруйар.
Тоҕо омуктар бу киинэни сэргээтилэр? Улахан омуктар олоҕу дириҥник анааран көрүүнү уонна кыра омуктар олох ыарахаттарын хайдах туоруулларын, тоҕо тыыннаах хаалалларын долоҕойдоругар хатаан, өйдөөн көрбүттэр. Оҕонньордоох эмээхсин иккиэн олох иһин охсуһан, тойон кыылга эмиэ да сүгүрүйэллэр, эмиэ да куттаналлар. Куттаныы, ол гынан баран сиэри-туому тутуһуу эмиэ баар. Хотой тоҥон уонна аһаталларын иһин махтанан дьиэ иһигэр киирэр. Суруйааччы суруйарынан, ол киирэн, таҥара күлүгүн анныгар олорор – тойонун көрдөрөр. Бу мин аччыктаатым, буорайдым, эһинним-быһынным, өлөн эрэбин, ол гынан баран син биир тойоммун диэн. Тойон диэн аҥаардас дуоһунас буолбатах, тойон диэн киһи сүгүрүйэр эр киһитэ.
Хомсомуоллар сюжеттара киирбитэ, ити сыал ытан көрдөрүүнү мин сөбүлээбэтим. Саха киһитэ, олох дьиҥнээх булчут, билигин саха аҕыйаата, хаһан да мээнэ сыал ыппат, буолаары буолан кураанах мутугу. Саха хас хардыыта барыта толкуйтан тахсар, улахан омуктартан уратыта диэн дьиҥнээх олоххо (практикаҕа) олоҕурар. Сахаттан ол иһин математикаҕа дьоҕурдаах учуонай элбэх. Ол гынан баран киинэ олус күүстээхтик тахсыбыт, сюжета уустук, режиссерга, артыыстарга махтанабын!
Зоя Попова, СӨ үтүөлээх артыыһа:
– Мин үөрэнэ сылдьан 1969-70 сс. Москубаҕа зоопааркаҕа баран хотойу көрөн үтүктэн көрдөрөн, сочуот ылбытым. Артыыс ханнык баҕарар үөрэҕэр кыылы үтүгүннэрэллэр. Онон бу киинэҕэ ити сыллартан айаннаан-айаннаан дьэ кэлбиппин быһыылаах диибин. Көмүлүөк оһохтоох, буор муосталаах балаҕаҥҥа улааппыт уонна оскуоланы бүтэрэн баран сопхуоска үлэлээбит буоламмын, сюжета миэхэ чугас курдук. Талкыга тирии имитиитин, суорунаҕа бурдук тардыыны эҥин барытын билэр буоллаҕым.
Бу киинэни маннык улаатан тахсыа диэн санаабатаҕым, эдэр баҕайы дьон киинэҕэ уһулларга ыҥырбыттарыгар көмө-ньыма буолан аккаастаабакка, хаппырыыстаабакка үлэлэспит эрэ киһи диэх курдук санаабытым. Ону дьэ бу оонньообуппут оҕус буолан улаатан, үллэн таҕыста дии. Үлэлии сылдьан маннык айылаах суолталаах киинэ буолуо диэн санаабат этим. Эдуард тугу ирдиирин сөпкө толорорго эрэ кыһаммытым. Артыыстар уопсайынан оннукпут ээ, салайтара эрэ сылдьар дьоммут.
Клара Трифоновна Кулаковская, суруйааччы Василий Яковлев кэргэнэ:
– Василий бу кэпсээни суруйарыгар хотойу тилэри үөрэтэн суруйбута. Онон айымньыларын олох турунан туран, төрдүттэн үчүгэйдик бэлэмнэнэн баран суруйар эбит. «Уот итиитэ» арамааныгар киирдэххэ кини Бүлүүтээҕи ГЭС-кэ иккитэ бара сылдьыбыт эбит. Оччолорго ону аатырбыт Е.Н. Батенчук туттара сылдьар этэ. Гидростанциялары тутууга сыһыаннаах алдьархайдаах элбэх матырыйааллары хомуйбут, хара бастакыттан хаартыскаҕа түһэртээбит. Кэлин ол салайбыт киһитигэр суруйбут суруга баар. Онно кинини Е.Н. Батенчук үлэҕэ ыҥыра сылдьыбыт эбит. Төрөппүттэрэ, ийэтэ улаханнык ыалдьар этэ. Онон барбакка хаалбыта. Онтон атын кини, баҕар, идэтинэн өссө үчүгэйдик үлэлиэ эбитэ буолуо дии саныыбын. Хоһооннорун олох эрдэ суруйбута. Нууччалыы тылынан күрэскэ кыттыбыта, онно иккис миэстэ буолбут эбит. Блокунуоттарынан көрдөххө, олох оскуолаттан саҕалаан устудьуоннуур сылларыгар наһаа элбэх хоһоону суруйбут. Билигин да бэчээттэммэтэх хоһоонноро бааллар. Биир суругар «элбэх хоһоон мунньулунна, таһаартарбыт киһи хоһоонум иккис кинигэтэ буолуо этэ» диэн суруйбутун буллум. Кэпсээннэрин улахан арамааннарын суруйа сылдьан быыстарыгар суруйбут быһылаах. Хайдах баҕарар усулуобуйаҕа үлэлиир олус үлэһит киһи этэ…
Ангелина КУЗЬМИНА,
тыл билимин хандьыдаата