Invent — Чэйдиэххэ

Мин бүгүн бэйэбин билбэппин
Тоҕо үүттээх чэй испиппин
Бэйэм курдук хара саахардаах чэйбин
Талбатым быһылаах эйиигин таптааммын

Чэйдиэххэ иккиэйэҕин
Чэйдиэххэ иттээрибит
Сылаастык бүрүнэн баран
Чэйдиэххэ…

Чэйдиэххэ иккиэйэҕин
Чэйдиэххэ иттээрибит
Сылаастык бүрүнэн баран
Чэйдиэххэ…

Мин эйиигин өр да күүппүтүм
Бу тымныы олохпор эбэргин өҥнөргүн
Билигин мин кыайан көтөбүн үөһээ
Эйиигинниин эптэммин сэниэбин

Эн амтанын сылаас чэй
Сайыҥҥы ардахтаах күҥҥэ бэлэх
Эн амтанын сылаас чэй
Этиий миэхэ ардахтан саспыт отон
Отон амтаннаах отой абылаҥнаах

Чэйдиэххэ иккиэйэҕин
Чэйдиэххэ иттээрибит
Сылаастык бүрүнэн баран
Чэйдиэххэ…

Чэйдиэххэ иккиэйэҕин
Чэйдиэххэ иттээрибит
Сылаастык бүрүнэн баран
Чэйдиэххэ…

ТАР5АТ: