W1LD — Олоруом этэ иккистээн

Киинэ курдук көстөн ааһар
Хаарыаннаах оҕо сааһым
Арай онно төннөн кэллим
Кууһуом этэ сылааһын

Ийэбэр мин эргиллэн
Олоҕу саҥалыы үктээн
Кэрэни-эйэни түстээн
Олоруом этэ мин иккистээн

Киинэ курдук көстөн ааһар
Хаарыаннаах оҕо сааһым
Арай онно төннөн кэллим
Кууһуом этэ сылааһын

Ийэбэр мин эргиллэн
Олоҕу саҥалыы үктээн
Кэрэни-эйэни түстээн
Олоруом этэ мин иккистээн

Биир олохтон төптөрү таары кыайан ойбоппут
Олоҕум суолун түмүгүн кыайан көрбөппүн
Кыайан көрбөппүн мин олоҕум түмүгүн
Кыайан көрбөппүн мин олоҕум түмүгүн

Харахпар көстөрө дьиэм олбуора
Ийэм ыҥырар куолаһын истэбин уоран
Ити мин буруйбар эмиэ оҥоһуу буолар
Аҕам мөҕөр бу хаһан өйдөнөр уолуй
Ылан испит буолан ама турбата туора
Кини хаампыт суола наар куһаҕан буолар
Кэбис туһа суох буойан кэлэн аны тугу туойар
Көстүбэт топпута сылдьара уойан
Кини истибэт эппитин туппатым кыайан
Тоҕо ыспыта харчыбын албына муора
Кэрэ кэмнэри кэһэппит олоҕун оһуора
Көммөтө көннөрү ийэ эрэ буора
Отой көстүбэт топпута сылдьара уойан
Кини истибэт эппитин туппатым кыайан
Тоҕо ыспыта харчыбын албына муора
Көммөтө көннөрү ийэ эрэ буора

Киинэ курдук көстөн ааһар
Хаарыаннаах оҕо сааһым
Арай онно төннөн кэллим
Кууһуом этэ сылааһын

Ийэбэр мин эргиллэн
Олоҕу саҥалыы үктээн
Кэрэни-эйэни түстээн
Олоруом этэ мин иккистээн

Киинэ курдук көстөн ааһар
Хаарыаннаах оҕо сааһым
Арай онно төннөн кэллим
Кууһуом этэ сылааһын

Ийэбэр мин эргиллэн
Олоҕу саҥалыы үктээн
Кэрэни-эйэни түстээн
Олоруом этэ мин иккистээн

Биир олохтон төптөрү таары кыайан ойбоппут
Олоҕум суолун түмүгүн кыайан көрбөппүн
Кыайан көрбөппүн мин олоҕум түмүгүн
Кыайан көрбөппүн мин олоҕум түмүгүн

ТАР5АТ: