Ponsash & Fiesta & Smile- Хаалыый

Кими — тугу, тугу — кими ыллыырбын
Санаабын, ыырбын
Кимҥэ — туохха аныырбын
Толкуйдуу барбаппын
Өйбүттэн ылбаппын, элэ-мээнэ айбаппын
Ис сүрэхтэн иэйэн, туох баарын тиэйэн
Үллэстэн эрэбин эмиэ эйиигинниин
Күнүүлүүр, күлүмнүүр
Күп — күндү kиһилиин
Бу арахсыы утары ырыа
Түһүлгэлэргэ тыаһыа
Таҥнарыы утары барыа
Түннүктэртэн ыллыа !

Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Арахсыы аны тумнан халый
Эн симэлийэн хаалыый
Ырааҕынан халый
Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Хара хараххар хаста харбыппын
Ааҕыый хат хардарбыт хардабын…

Эр бэрдэ эрдэ, эп — эдэр сүрэҕэ
Бэйэтин эрэ билинэр этэ
Атын кэм кэллэ, суолун тэллэ
Элэ — мээнэ элэ — была этиллибэтэ
Санаам долгуйар, олус кыһаллар
Истэҕит? Бу сиргэ таптаһар
Айбарданыма, абарыма, най барыма
Атыттары араарыма, аньыыта аарыма
Киһи да хомойор
Күн-дьыл элэс гынан ойор
Ымсыырбакка сороҕор, ким да ойоҕор
Олоруох орто сиэринэн бу сиргэ оҕолор
Ыалдьабын хас биирдии ыалга
Тылбын бырахпакка тыалга
Сүөһүлээһии, kөрсүүлэһии суох буоллун
Харах уутун байҕала уоллун !

Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Арахсыы аны тумнан халый
Эн симэлийэн хаалыый
Ырааҕынан халый
Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Хара хараххар хаста харбыппын
Ааҕыый хат хардарбыт хардабын…

Ыас хараҥаны хайа тардыа
Ыар санааны сырдатыа
Бу ырыа эдэр ыалы ыбылы ылыа
Маны мааны ыал ылынныа ыллыа….

Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Арахсыы аны тумнан халый
Эн симэлийэн хаалыый
Ырааҕынан халый
Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый

Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Арахсыы аны тумнан халый
Эн симэлийэн хаалыый
Ырааҕынан халый
Хаалыый, хаалыый, эн хаалыый
Хара хараххар хаста харбыппын
Ааҕыый хат хардарбыт хардабын…

ТАР5АТ: