Норуот историятын, кини сүүһүнэн үйэлэр тухары олорбут олоҕун-дьаһаҕын уратытын барытын сиһилии чинчийэн үөрэтэр дьон ахсаана элбэҕэ суох. Бу олус сындалҕаннаах, уустук, ыарахан үлэ буоларын биһиги билэбит.
Ол да буоллар киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сиригэр төрөөбүт дойдутун историятын хомуйар дьон баар буолан биһиги син билэн эрдэхпит. Биир оннук сиһилии саха олоҕун майгытын, сиэрин-туомун бары өттүнэн киэҥник хомуйбут уонна тиспит киһинэн биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, саха фольклорун хомуйааччы, этнограф Андрей Андреевич Саввин буолар. Кини быйыл төрөөбүтэ 125 сылын туолла.