1990-с сыллардааҕы көлүөнэ ыччат төрөөбүт тылынан үөрэнэн, төрүт үгэһигэр, сиэригэр иитиллэн, сахалыы өйү-санааны иҥэринэн үүммүт-сайдыбыт төрүөтэ — Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ ыам ыйын 23 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 272 №-дээх уурааҕынан бигэргэнэн олоххо киирбитэ буолар. Бу кэмҥэ үөрэммит Кэнсиэпсийэ оҕолоро билигин Өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьаллар. Отут сыл усталаах туоратыгар кэнсиэпсийэ хайдах үлэлээтэй? Салгыы оҕолорбутун сахалыы тылынан иитиигэ туох бырагыраама баарый? Бу туһунан «Талбан» биэриигэ кэпсэттибит.