«Биһиги, Ньурба улууһун олохтоохторо, бырабыыталыстыбаттан уонна өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыттан көмө көрдүүбүт. Бас баттах барбыт такси суоппардара куомуннаһан айан сыанатын 5 тыһыынча, сорохторо оннооҕор элбэх сыананы көрдөөн, хас да хонук Дьокуускай туһаайыытыгар тиэйбэттэр, оҕолоох дьон, устудьуоннар, кыһалҕалаах дьон ыксаан бу сыанаҕа сөбүлэһиэхтэрэ диэн.
Уонча оптуобуһу бу диэки ыытан удамыр сыанаҕа дьону тиэйэллэригэр көрдөһөбүт. Таҥара курдук санаммыт иҥсэлээх такси суоппардарын киксиилэриттэн хаайтарбыт дьону быыһааҥ. Кэнники кэмҥэ кинилэр таптаабыттарынан тиэйэллэр, сэрэппэккэ хаалларыахтарын сөп, дьоҥҥо толоостук сыһыаннаһаллар.
Суол устун ГАИ уонна сыананы хонтуруоллуур сулууспа дьонун турортаан – ааһар таксилартан тарифтарын туоһуластыннар. Киһиттэн таһынан барбыт таксистартан лицензияларын былдьааҥ. Уонна куораттар икки ардыларыгар сылдьар маршрутта олохтооҥ, айан дьоно такси суоппардарынан ааттанар дьон иҥсэлэриттэн тутулуга суох сылдьалларын туһугар”.
Бу курдук ис хоһоонноох сурук Ньурба улууһун батсаап бөлөхтөрүнэн аҕыйах кэм иһигэр тарҕаммыта. Бу сурук сылтаҕынан өр кэм устата олохтоммут Ньурбаттан Дьокуускайга диэри суол соболоҥо – 3500 солкуобайтан эмискэ 5000 солкуобайга диэри улааппыта буолар. Дьокуускайга диэри дьону таһар массыыналар суоппардара тоҕо сыананы үрдэттилэр?
—Бу ый улахан аҥаара ардахтаан суол туруга лаппа мөлтөөтө, онон айан кэмэ уһаата, массыына айана, саппаас чааһын уларытыыта эмиэ үксээтэ. Онон мин тус бэйэм кыһалҕаттан эрдэ тиэйэр тарифпын үрдэппитим. Мин массыынам иһэ куруутун ыраас, эрэмиэннэрэ барыта баар, кондиционер үлэлиир, пассажирдары кытта куруутун эрдэ кэпсэтэн, үтүө сыһыан олохтуубун, куруубайдаһыы буолбутун өйдөөбөппүн. Онон сыанабын кыһалҕаттан үрдэттим, тиэрэ байаары буолбатах, — диир “Toyota HiAce” массыына суоппара (аатын эппэтим туһунан көрдөстө).
Кырдьык, өскөтүн эрдэ Ньурбаттан киин куоракка диэри идэтийбит таксилар ортотунан 10-12 чаас айаннаан тиийэр эбит буоллахтарына, билигин 15-18 чаас айан сөптөөҕүнэн ааҕыллар буолбут.
Пассажирдар ааттарыттан сурук тарҕаммыта биир-икки хонук ааспытын кэнниттэн “НЬУРБА ТАКСИСТАРЫН ААТЫТТАН!” диэн харда сурук батсаап ситимгэр тахсыбыта:
«Сыананы пассажирдар бэйэлэрэ үрдэтэллэр, такси суоппардара буолбатах, уоппуска кэмэ кэлэн, дьону таһар массыыналар үгүстэрэ ыраах куораттарга барбыттар, сорохтор массыыналарын харыстаан сүүрбэттэр – маннык туруктаах суолунан бэйэҕит күн аайы сүүрдэн көрүҥ, хас айан түмүгэр бэрт ыарахан сыаналаах өрөмүөн ирдэнэр! Түргэнник бара охсоору бэйэҕит сыананы үрдэтэҕит, ыллынар эрэ диэн, ити курдук улам-улам БЭЙЭҔИТ сыананы үрдэттигит. “Индрайверга” биллэриилэри көрүҥ, онно эһиги аймахтаргыт быстах кэмҥэ “таксилар” быспыт сыаналарын. Биһиги, 10 сылтан ордук үлэлээбит үтүө суобастаах такси суоппардара элбэх махтал тылы истэбит, быыстала суох ыарахан үлэбит иһин, батсаапка тарҕаммыт балыыр сурук эһиги суобаскытыгар сытар! Оттон биһиги салгыы үлэлиибит, тиэйэр дьоммутун сылаас, ыраас массыынанан дьиэлэригэр тиэрдээри!”
Бу кыһалҕа Ньурба улууһугар эрэ буолбакка, Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэригэр сотору буола-буола күрэйэр. Такси сыанатын сүрүннээн “ырыынак” быһаарар, “атыылаһааччы” элбээтэҕинэ “атыыһыт” сыаната үрдүүр. Ньурбаттан Дьокуускайга диэри 788 килэмиэтир. Кэнники сылларга суол бэрт тэтимнээхтик аспааллана турар, урут суукканы быһа айан икки бүк түргэтээбитин дьон бэлиэтээн этэр. Ол эрэн аспааллааматах учаастактар билигин да элбэхтэр, уһун ардах кэнниттэн суол лаппа мөлтөөн, айан хаачыстыбата эмиэ мөлтүүр. Маннык кэмнэргэ сүүрэр такси массыынатын ахсаана аҕыйыыр, суоппардар үлэлэрэ уустугурар, ону кытта сыана эмиэ үрдүүр.
Такси туһунан сокуон Арассыыйаҕа ылылла илик. Маннык сокуону Госдуумаҕа уон сыл устата кыайан ылбакка сылдьыбыттара, билигин сокуон барыла 2022 сыл кулун тутарыттан үлэҕэ ылыллан ситэриллэ сылдьар. “Парламентская газета” суруйарынан, бу сокуон балаҕан ыйыгар ылыллан тахсыан сөп курдук үһү. Бу сокуон иһигэр такси үлэһиттэрэ тарифтарын эрдэттэн бигэргэтэллэрин модьуйар пуун баар буолара сабаҕаланар. Билигин сыананы сөпсөспөтөх килийиэн Роспотребнадзорга үҥсүү түһэрэн бэйэтин быраабын көмүскүөн сөп.
edersaas.ru