Ардахтаах киэһээ көрүстүм мин аналбын
Кыбыстан хаалан туох да диэхпин билбэтим
Оннук туран харахпытынан оонньостубут
Сүрэхпитинэн таптастыбыт
Хос ырыата:
Эйиигин булуом эйиэхэ тиийиэм
Уонна илиигиттэн мин сиэтиэм
Ыга мин кууһуом утары мин көрүөҕүм
Уонна сылаас уоскуттан ууруом
Таптал уота сыдьаайыа
Эйиигин көрсөн таптал диэни билбитим
Мин саҕа дьоллоох киһи бу сиргэ суоҕа
Ону баара ардахтыы кэлэн сүтэн хаалбытын,
Күн тыкпытыгар симэлийбитин
Хос ырыата:
Эйиигин булуом эйиэхэ тиийиэм
Уонна илиигиттэн мин сиэтиэм
Ыга мин кууһуом утары мин көрүөҕүм
Уонна сылаас уоскуттан ууруом
Таптал уота сыдьаайыа
Тапталбын көрдөөн күн дьыл кэмин кэтиибин
Ардах кэлэрин санаабар мин күүтэбин
Алҕас баҕар көстөн ааһыаҕын, харахтарбар
Кууһан ылыаҕым ыытыам суоҕа
Хос ырыата:
Эйиигин булуом эйиэхэ тиийиэм
Уонна илиигиттэн мин сиэтиэм
Ыга мин кууһуом утары мин көрүөҕүм
Уонна сылаас уоскуттан ууруом
Таптал уота сыдьаайыа