Ситим — Соҕотох сулус

Кимиэхэ да арыйбатах кистэлэҥмин
Мин сулуспар аргыый кэпсиибин.
Кини киһи буолбатах, кини — сулус,
Кини бэйэм курдук — курус.

Хос ырыата:
Кыһыҥҥы тымныы киэһэҕэ
Халлааҥҥа биир сулус умайар.
Кини соҕотох, кини чуҥкуйар,
Кини мин бүгүҥҥү
Күнүм бэлэҕэ.

Соҕотох сулус үөһээ халлааҥҥа
Тыгар, бэйэтигэр угуйар.
Мин эмиэ киниэхэ соҕотох доҕоро Буоллаҕым эбитэ буолуо дуу?

Хос ырыата:
Кыһыҥҥы тымныы киэһэҕэ
Халлааҥҥа биир сулус умайар.
Кини соҕотох, кини чуҥкуйар,
Кини мин бүгүҥҥү
Күнүм бэлэҕэ.

Сарсыҥҥы саҥа күҥҥэ
Сүтэрдэҕим эбээт доҕорбун.
Ол эрэн эмиэ киэһээ
Көрсүөм кинини — оо, дьолбун.

Хос ырыата:

Кыһыҥҥы тымныы киэһэҕэ
Халлааҥҥа биир сулус умайар.
Кини соҕотох, кини чуҥкуйар,
Кини мин бүгүҥҥү
Күнүм бэлэҕэ.

Хос ырыата:

Кыһыҥҥы тымныы киэһэҕэ
Халлааҥҥа биир сулус умайар.
Кини соҕотох, кини чуҥкуйар,
Кини мин бүгүҥҥү
Күнүм бэлэҕэ.

ТАР5АТ: