«Саха сирэ» информационнай биэрии кулун тутар 31 күнүнээҕи киэһээҥҥи таһаарыытыгар көрүҥ:
- Подсадной кустарынан эрдэ бултуу тахсар кусчуттары хонтуруолга тутуохтара. Ону тэҥэ сааскы кус кэмигэр болдьоҕун туһунан ыйаах сотору кэминэн тахсыаҕа диэн Ил Дархан быһа эпиир кэмигэр эттэ;
- 10 орто үөрэх кыһатын биир тэҥинэн холбуур саҥа кампус бырайыагын торумнуур форсайт-сессия үһүс күнүн ыытыллар;
- Бүгүн Аллараа Бэстээхтэн Хабаровскайга диэри көһүүтэ суох айаннаыыр бастакы вагон айаҥҥа турунна;
- Муус устар 1 күнүттэн Саха сирин ыраах сытар уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга нэһилиэнньэ биэрэпиһэ салҕанар;
- Россияҕа аны кыылларга анаан коронавирус утары вакцина оҥордулар.