Саҥаттан саҥа күн үүнэр, сыл хонук ааһара түргэнэ
эн биһи олохпут устара, тапталбыт алыбар уйдаран
махтанар эбиппин дьылҕабар, эйигин көрсүбүт түгэммэр
олоҕум аргыһа аналым, эн эрэ буолаҕын соҕотох
Эйиэхэ эрэ сырдык күн буолан
Арыллан иһиэм күнтэн күн
Эйиэхэ эрэ сырдык сулуспун
Суолгун сырдатан сырдыкка сирдиэм
Ыраас олоххо ыраас санаабар
Эн бааргын миэхэ соҕотох
Эйигинниин арыллабын эйигинниин дьоллонобун
Төһө да тэйиччи сылдьарбыт, өйөһөр өйдөһөр буолабыт
Олохпут уустук түгэннэрин
Иккиэйэх аһаран атаарабыт
Барыта баар этэ биһиэхэ
үөрүү хомолто хоргутуу
Түмүгэр кэлбит суолбутун
Тапталбыт иэйиитин харыстаан
Эйиэхэ эрэ сырдык күн буолан
Арыллан иһиэм күнтэн күн
Эйиэхэ эрэ сырдык сулуспун
Суолгун сырдатан сырдыкка сирдиэм
Ыраас олоххо ыраас санаабар
Эн бааргын миэхэ соҕотох
Эйигинниин арыллабын эйигинниин дьоллонобун
Эйиэхэ эрэ сырдык күн буолан
Арыллан иһиэм күнтэн күн
Эйиэхэ эрэ сырдык сулуспун
Суолгун сырдатан сырдыкка сирдиэм
Ыраас олоххо ыраас санаабар
Эн бааргын миэхэ соҕотох
Эйигинниин арыллабын эйигинниин дьоллонобун
Эйиэхэ эрэ сырдык күн буолан
Арыллан иһиэм күнтэн күн
Эйиэхэ эрэ сырдык сулуспун
Суолгун сырдатан сырдыкка сирдиэм
Ыраас олоххо ыраас санаабар
Эн бааргын миэхэ соҕотох
Эйигинниин арыллабын эйигинниин дьоллонобун