2020 сыл Саха сиригэр «Дойдуга бэриниилээх буолуу», Россияҕа «Өйдөбүнньүк уонна Албан аат» сылынан биллэрилиннэ. Быйыл аан дойду үрдүнэн Улуу Кыайыы 75 сыла бэлиэтэнэр. Бу тэрээһиннэргэ анаан интернет ситимигэр араас хабааннаах сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин ааттарын үйэтитэргэ туһаайыллар сайтар баар буоллулар, холобура: https://may9.ru/ уонна https://xn--80achcepozjj4ac6j.xn--p1ai/. Бу сайтарга киирэн кыттыыны ылыаххытын, туох буола турарын билсиэххитин сөп. Сиһилии «Сэмсэ тыл» биэриигэ кэпсиибит.