Уус Алдан улууһун Кэптэни бөһүөлэгэр Лөгөй орто оскуолатын тэрийиитинэн олоҥхоҕо оҕо интириэһин тардар, сахалыы тылы-өһү, уус-уран ааҕыыны сайыннарар сыаллаах «Олоҥхо Куо-2023» алын сүһүөх кыргыттарыгар күрэх ыытылынна.
Манна улуус нэһилиэктэриттэн тоҕус кырачаан кыттааччы кэлэн олоҥхо ааҕан, ыллаан-туойан, талааннарын, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр, нэһилиэк олохтоохторун сэргэхситтилэр. Бу дьон кэрэхсэбилин ылбыт күрэх көҕүлээччитинэн «Олоҥхоҕо айан» бырайыак ааптара Зинаида Лугинова буолар.