Мин кыра эрдэхпинэ
Мэлдьи уоту одулуурум
Онно ийэм этэрэ
Уот хараҕы буортулуурун
Оттон миигин Аал Уотум
Абылаан кээспит курдуга
Аан маҥнай кини буолта
Хараҕым ааҕар суруга
Оттон күнүс хараҥа
Олоробун сэрэхпинэн
Ол оннугар бадаҕа
Мин көрөбүн сүрэхпинэн
Ол уокка мин көрөрүм
Олоҥхо бухатыырдарын
Кинилэр көлөлөрүн
Силлиэлии сиэлэр аттарын
Уот кудулу байҕаллар
Уһуураа умайаллара
Күннээх көмүс хайалар
Күлүмнүү угуйаллара
Оттон күнүс хараҥа
Олоробун сэрэхпинэн
Ол оннугар бадаҕа
Мин көрөбүн сүрэхпинэн
Оччоҕо мин умнарым
Уот хараҕы буортулуурун
Ол ыраах дойдулары
Одуулуурум одуулуурум
Билигин түүлбэр эрэ
Көрөбүн мин көмүлүөгү
Уонна оһоҕор иттэн
Ол быыкайкаан бөлүһүөгү
Оттон күнүс хараҥа
Олоробун сэрэхпинэн
Ол оннугар бадаҕа
Мин көрөбүн сүрэхпинэн
Оттон күнүс хараҥа
Олоробун сэрэхпинэн
Ол оннугар бадаҕа
Мин көрөбүн сүрэхпинэн
Мин көрөбүн сүрэхпинэн
Сүрэхпинэн