Айыы Уола — Ийэҕэ махтал

Сарсыарда күнү тулалыыр эйгэ
Үөрэ сонургуу көрсөрүн курдук
Эйиигин мин ыраата сылдьан
Ахтарым ордук күүһүрэр күүһүрэр

Ийэм ийэкээм ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм ийэкээм мин дьолу олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн

Өйдүүгүн дуо ийээ бастакы атылбын
Аан бастаан ийэ диэн үөрдүбүт күммүн
Билэҕин дуо ийээ эйиэхэ махталым
Уолан бүппэт үрэх буолан кутулла туруо

Ийэм ийэкээм ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм ийэкээм мин дьолу олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн

Бу ырыам тыллара үйэттэн-үйэҕэ
Бэриллэн ыллана туруо куруутун
Бу ырыам матыыбын күөх тайҕа суугунан
Ыллыы туруо өрүүтүн-өрүүтүн

Ийэм ийэкээм ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм ийэкээм мин дьолу олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн

ТАР5АТ: