Fiesta & Ponsash — Кытылга

Икки сүрэх туспа кытыллар
Тапталым остуоруйата

Мэһэйдэри тумнан эйиигин сырсан барыахпын
Тоҕо сиккиэр тыал буотахпын
Сүрэххэр сипсийиэхпин
Сүүһүнэн сибэкки бэлэхтиэхпин

Биһик ырыатынан утутуохпун
Аптаах түүннэргэ ууруохпун
Эн түннүккэр сандаарыахпын
Тоҕо мин ыйдаҥа буотахпын

Ким хоруйдуой бу ыйытыктарга
Эр киһибин тиийэбин тулуйарга
Төһө да ый тыал да буолбатарбын
Өйдөө тутула суох таптыырбын

Ол эрэн кэтэһэн туруом суоҕа
Эйиигин бүгүн бу кытылга
Тохтоо маннык олорор кыах суох
Таптыырбын билэҕин тоҕо тэйэн эрэҕин

Күннэр бараллар букатын
Саныыбын оннук таптал барбытын
Арай көрсүөм бүгүн биэрэккэ
Көрүөм суоҕа тумнуом кэмсиммэккэ

Өрүс устар долгунуран
Ол эрэн көрбөппүн тугу да
Арай эн мичээргин санаан
Аймаммыт сүрэҕим уоскуйда

Эн бардын күнүм уота хараҥарда
Эн бардын төннүбэттии хаһан да
Сулустар ытыыллар
Таптал суоҕун ыллыыллар

Таах көрүстэхпит булсуһан
Баран эрэҕин эн ардах буолан

Ол эрэн кэтэһэн туруом суоҕа
Эйиигин бүгүн бу кытылга
Тохтоо маннык олорор кыах суох
Таптыырбын билэҕин тоҕо тэйэн эрэҕин

Ол эрэн кэтэһэн туруом суоҕа
Эйиигин бүгүн бу кытылга
Тохтоо маннык олорор кыах суох
Таптыырбын билэҕин тоҕо тэйэн эрэҕин

Ол эрэн кэтэһэн туруом суоҕа
Эйиигин бүгүн бу кытылга
Тохтоо түксү аны маннык
Салгыы олорор кыах суох

Туох иһин быһаарыый эн
Миигиттэн тэйэн баран эрэҕин
Бырастыы ол эрэн симбиир
Эйиигин таптыырбын билэҕин

Ол эрэн кэтэһэн туруом суоҕа
Эйиигин бүгүн бу кытылга
Тохтоо маннык олорор кыах суох
Таптыырбын билэҕин тоҕо тэйэн эрэҕин

Ол эрэн кэтэһэн туруом суоҕа
Эйиигин бүгүн бу кытылга
Тохтоо маннык олорор кыах суох
Таптыырбын билэҕин тоҕо тэйэн эрэҕин

ТАР5АТ: