Петров Сарыал — Ыйдаах түүн

Тапталга билинэн буолбатах
Таптыыргар эрэнэн буолбатах
Тапталы ырыаннан кэриэстии
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

Ыйдаах түүн түннүкпүн өҥөйдүн
Ыһыах күн түһүлгэ киэргэйдин
Кистэлэҥ үөрүүнү биһиктии
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

Эн күнүҥ үрдүнэн көппөтөх
Аттыгар лабааҕа түспэтэх
Мин дьолум тулугум дьиэбэйди
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

Ыйдаах түүн түннүкпүн өҥөйдүн
Ыһыах күн түһүлгэ киэргэйдин
Кистэлэҥ үөрүүнү биһиктии
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

Дьылҕабын сырдаппыт түгэннэр
Хаһаан да өйбөр эбиттэр
Ол иһин тапталы кэриэсти
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

Ыйдаах түүн түннүкпүн өҥөйдүн
Ыһыах күн түһүлгэ киэргэйдин
Кистэлэҥ үөрүүнү биһиктии
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

Ыйдаах түүн түннүкпүн өҥөйдүн
Ыһыах күн түһүлгэ киэргэйдин
Кистэлэҥ үөрүүнү биһиктии
Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар

ТАР5АТ: