Бүгүн, бэс ыйын 24 күнүгэр Үс Хатыҥҥа Туймаада Ыһыаҕа саҕаланар. Быйылгы ыһыах «Дьокуускай – үлэ килбиэнэ» девиһинэн ыытыллар, ону тэҥэ Россияҕа Аҕа сүбэһит уонна уһуйааччы, СӨ Үлэ сылыгар уонна саха халандаарынан «Дьөһөгөй Айыы» сылыгар ананар.
Ыалдьыттары киэҥ далааһыннаах култуурнай бырагыраама, саха аһын бэстибээлэ уонна спортивнай күрэхтэһиилэр күүтэллэр.
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта Үс Хатыҥ «Тунах түһүлгэтэ» 3-с нүөмэрдээх балаһааккатыгар 11.30 чаастан саҕаланыаҕа.
«Дыгын оонньуулара-2023» быһа эфирин НВК «Саха» саҥа сыһыарыытыгар — бэс ыйын 24 күнүгэр — 18.00-22.00ч. уонна бэс ыйын 25 күнүгэр — 12.00-18.00ч. көрүөххэ сөп.