Dalaana — Текст песни Билэбин

1. Мин бүгүн кыайан эппэппин биири

Ол эрэн санаам тууйуллар түүнэ

Хараҥа былыт үөhээ халлааҥҥа

Соҕотох ардыырын көрөбүн

Мин эмиэ кини курдук ытыахпын

Харах уутун тоҕон сонньуйуохпун

Туох эрэ тууйа тутар билигин

Аттыбар эн суоҕуҥ куруhун

 

П-в: Билэбин иккиэн ыллык устун хаампаппыт

Билэбин биhи суолбут кыайан холбоспот

Билэбин санньыар ырыаҕын туойаргар

Мин сырдык мөссүөммун хараххар көрөргүн

 

2. Тоҕо мин эйиэхэ эрэл кыымын

Бэлэхтээн биэрбит быстах быhыыбын

Ардыгар уйадыйар иэйиибэр

Тулуйан хоhуйан ылларбын

Олохпор ыксаллаах ыраларбын

Түмэммин эйиэхэ тиийдэрбин мин

Букатын илдьэ хаалыах тустааххын

Сүрэҕим сөпсөhүөн кыаҕа суох

 

ТАР5АТ: