Кэскил Баишев — Тыынна Биэр

Мин эн ардаххар, мин эн тымныыгар,
Мин эн сылааскар, мин эн куйааскар
Иитиллэн кэллэҕим,
Айылҕам эйгэтигэр!

Дойдум салгына тыынна биэр!
Сүүрэрбэр-көтөрбөр, барарбар-кэлэрбэр,
Киэҥ иэннээх өбугэм сиригэр!
Омукпун салҕыырбар, олохпун таптыырбар.

Ким сулустаах түүҥҥэ,
Ким былыттаах киэһээтин,

Күлүмнүүр күнүс,

Ким тумаҥҥа сарсыарда
Аан бастакытын эйиигиттэн
Эҕирийбитэ буолуой?

Дойдум салгына тыынна биэр!
Сүүрэбэр-көтөрбөр, барарбар-кэлэрбэр,
Киэҥ иэннээх өбугэм сиригэр!
Омукпун салҕыырбар, олохпун таптыырбар.

Өрөйө дабайар куннэргэ
Өрөйө-чөрөйө сатыырга
Өй-санаа тумэргэ
Өсөһөн кыайарга
Чэгиэн туруктаах,
Эн миигин угуттаан

Дойдум салгына тыынна биэр!
Сүүрэбэр-көтөрбөр, барарбар-кэлэрбэр,
Киэҥ иэннээх өбугэм сиригэр!
Омукпун салҕыырбар, олохпун таптыырбар.

Дойдум салгына тыынна биэр!
Сүүрэбэр-көтөрбөр, барарбар-кэлэрбэр,
Киэҥ иэннээх өбугэм сиригэр!
Омукпун салҕыырбар, олохпун таптыырбар.

Эн көмүс күһүҥҥэр аан бастакыбын эйиигиттэн тыын ылбытым.

ТАР5АТ: