National Anthems & Patriotic Songs — Текст песни A Yakut Komsomol song — Эн Комсомол (En Komsomol)

Комсомол, Комсомол,

Эн ыстаал кэккэҕэр үүнэбин.

Бу улуу көҥүл дьол,

Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин!

 

Хос ырыата:

Аалай уоттаах сулуһуҥ,

Айар, тутар суолдьутум!

Эн Комсомол, эн Комсомол,

Эн Комсомол — мин дьолум.

 

Ыар — курус чаастарбар,

Олоҕум доҕоро буолаҥҥын.

Мин ыраас дууһабар,

Уоспат күүс төлөнү уматтыҥ!

 

Хос ырыата:

Аалай уоттаах сулуһуҥ,

Айар, тутар суолдьутум!

Эн Комсомол, эн Комсомол,

Эн Комсомол — мин дьолум.

 

Комсомол, эн эрэ,

Кылбайар кырдьыккын хохуйсан.

Мин дьоллоох — соргулаах,

Ол оҕум эйиэхэ ананар!

 

Хос ырыата: (2x)

Аалай уоттаах сулуһуҥ,

Айар, тутар суолдьутум!

Эн Комсомол, эн Комсомол,

Эн Комсомол — мин дьолум.

 

ТАР5АТ: