«Кинотавр- 2020» Гран- при хаһаайына, саха режиссера Дмитрий Давыдов «Пугало» киинэтэ Россияҕа уонтан тахса мөлүйүөн солкуобайы хомуйда.
Киинэни көрдөрүү дааннайын биир кэлим систиэмэтэ иһитиннэрэринэн, иккис өрөбүллэргэ киинэ 10,043 мөлүйүөн солкуобайы хомуйда. Бу суума аҥара олунньу 25-28 күннэригэр, киинэ сүрэхтэммит өрөбүллэригэр, хомуллубута.
Киинэ сүрэхтэнэр күнүгэр быһа холоон 880 тыыһыынчаны, оттон эрдэтээҥи билиэт атыытыттан, быһа холоон, 1,2 мөлүйүөн солкуобайы хомуйбута. Бүгүҥҥү туругунан, «Пугало» киинэни тахсыаҕыттан 31 киинэ тыйаатырыгар 32,5 тыһыынча киһи көрдө.
Маны таһынан, режиссер Дмитрий Кольцов «Рядовой Чээрин» киинэтэ таҕыста. Кулун тутар 11-14 күннэригэр киинэ 1,1 мөлүйүөнтэн тахса сууманы хомуйда.