Текст песни Эдэр саас (Eder saas)

Эйиигин кытары эдэр саас

Эрчимнээх тэтимнээх кэрэ саас

Олоххор омуннук хардыылыыр

Олоҥхо кэрэтэ омуннаах

 

Сып-сырдык ып-ыраас санаалаах

Сымнаҕас ситэри майгылаах

Эн эдэр киһигин эмэҥҥин

Күүс күдэх эр хоһуун бэрдэҕин

 

Саҥаттан саҥаны айаҕын

Кэрэттэн кэрэни булаҕын

Бу сиргэ эн эрэ эн бааргын

Көҥүллүк эн үөһээ көтөҕүн

 

Өбүгэн үгэһин тутуһан

Олоҕун кэрэтин батыһан

Айанын алгыстаах суолунан

Айаннаа бу ыллык устунан

 

Эйиигин кытары эдэр саас

Эрчимнээх тэтимнээх кэрэ саас

Эйиигин кытары эдэр саас

Эдэр саас эдэр саас

 

Бэйэҕин эн умса туттума

Эбэтэр киһигин умнума

Соҕотох буотаххын аттыгар

Өйөбүл дьоннорун ол бааллар

 

Хомойор хоргутар күннэргэр

Эн сыыһа туттарбыт кэмнэргэр

Умнума сулуһун үрдүгэр

Эдэр саас бу дьоло аттыгар

 

Сахаттан даҕаны улуу дьон

Үөскээн-төрөөн тахсаллар

Омугун сайдарын туһугар

Үрдүктэн үрдүгү айаллар

 

Эбэтэр киһигин умнума

Эн улуу киһигин умнума

Эйиэхэ илиибин уумнабын

Эдэр саас эйиэхэ аныыбын

 

Эйиигин кытары эдэр саас

Эрчимнээх тэтимнээх кэрэ саас

Эйиигин кытары эдэр саас

Эдэр саас эдэр саас

 

Эйиигин кытары эдэр саас

Эрчимнээх тэтимнээх кэрэ саас

Эйиигин кытары эдэр саас

Эдэр саас эдэр саас

 

Эйиигин кытары эдэр саас

Эрчимнээх тэтимнээх кэрэ саас

Эйиигин кытары эдэр саас

Эдэр саас эдэр саас

 

ТАР5АТ: