Эн эрэ кэл мин диэки
Сүрэхпин миэнин сиэтин
Илиибиттэн сиэтэн
Сирдээрий миигин сырдыкка
Албыны сырсаҥҥын ытаама
Мин туспар бэйэҕин буруйдаама
Олох мөккүөрүн тулуйан
Дьолбутун биһиги булуохпут
Сүрэҕим аана аһаҕас эйиэхэ эрэ
Мин дьылҕам бэлэҕэ, күнүм ыйым оҕом эн эрэ
Хайдах курдук таптыырбын өссө биирдэ иһит эрэ
Халлаантан түспүт умайар сулуһум эн эрэ
Ол иһин олоҕум бэлэҕэ миэнэ атын буолара биллэр этэ
Билэр этим сэрэйбиппин кэтэспиппин
Таптыыбын эйиигин диэн элбэхтэ этиэм этэ
Эн тускар ууга уоту уматыам көрүөн этэ
Инникибит туһугар илиибин киртитиэм этэ
Ол оннугар эйиигин эрэ маанылыам этэ
Сэгэриэм таптыыр доҕоруом эйигиннин
Мин үйэм уһуур сүрэҕим тэбэрэ элбиир
Эн эрэ кэл мин диэки
Сүрэхпин миэнин сиэтин
Илиибиттэн сиэтэн
Сирдээрий миигин сырдыкка
Албыны сырсаҥҥын ытаама
Мин туспар бэйэҕин буруйдаама
Олох мөккүөрүн тулуйан
Дьолбутун биһиги булуохпут
Эн аттыгар уһуктар тугун кэрэтэй
Эн харахтаргын көрө сытар тугун күндүтэй
Мин диэки таптыыр харахтаргынан көрдөххүнэ
Кыбыстабын кыбыстан бараммын сытабын
Эн курдук киһини харыстаан таптаан
Илдьэ сылдьыам наар суолгун арыаллаан
Тапталлаах кыыһым эйиэхэ барыта баар буолуо диэн этэбин мин наар
Эн эрэ кэл мин диэки
Сүрэхпин миэнин сиэтин
Илиибиттэн сиэтэн
Сирдээрий миигин сырдыкка
Албыны сырсаҥҥын ытаама
Мин туспар бэйэҕин буруйдаама
Олох мөккүөрүн тулуйан
Дьолбутун биһиги булуохпут