Tuunnvvx feat. Invent — Ыллык

Тыл дьаатын маны бэрткэ билэҕин
Хоһуттан былдьаа уот уматар тылларбын саай
Мэйиибиттэн абыт айылманы хаайдын
Туох гынаары аҥарым барыта таптал кутата умайаары

Билэбин эйиигин бэрткэ
Эн миигин туттаҕын
Таптаары саҥаттан эппэккэ
Көнө быата суох этии
Түргээтиир кэм күлүгэ көстөн кэлиий
Эккирэтиий биһини икки сүппүт киһини

Хараҕым барыта хараҥа тыа
Тулам даҕаны тохтоло суох тыас
Тоҕо таптыыбын диигин да
Миигин алдьатаҕын кутаҕын сүрэхпэр көстүбэт дьааты

Тиийэн кэлэн көстүбэтиҥ иэйэ
Биһиэнэ тапталбыттан түүл утахтан киртийэрэ
Күнүм уота мөлтөөбүтэ бэйэтэ
Аны таптал диэн аны кытылга суох эбитэ

Бииргэ халлааҥҥа иккиэйэх
Хоспутугар хатанаммыт
Халлаан уҥуор айанныахха
Тапталынан тыынаммыт

Бииргэ халлааҥҥа иккиэйэх
Хоспутугар хатанаммыт
Халлаан уҥуор айанныахха
Тапталынан тыынаммыт

Арый халлааҥҥын таайыам санааҕын мин
Хаһыс сулус сирдээри сүтэримэ айгын
Бу куорат тымныы салгынын умнууй миигинниин
Күнүм биэр илиигин минньигэс уоскар ууллабын

Миигинниин эрэ көтөҕүн көҥүл илиигэр илиим
Иккиэйэх биһи сүтэбит эмиэ көрсөөрү күнү
Куотабыт айдаан быыһыттан булаары дьолу
Умнабыт ол хаалбыт үгэстэри

Сулус сырдат түннүкпүн эн илэбин өйдүөн
Атын санаа киирбэт көрдөхпүнэ кини хараҕар
Сылааска хаар уулларын курдук чүмэчи илитэр
Икки күлүк көстөр истиэнэҕэ ый уота сырдатар

Ирдээ миигин
Эн минньигэс сытын хоспор
Иҥэр иҥэр
Бэлэхтиэм эйиэхэ үүнэр күммүн

(Эн сытын иирдэр миигин
Эн сытын иирдэр миигин)

Бииргэ халлааҥҥа иккиэйэх
Хоспутугар хатанаммыт
Халлаан уҥуор айанныахха
Тапталынан тыынаммыт

Бииргэ халлааҥҥа иккиэйэх
Хоспутугар хатанаммыт
Халлаан уҥуор айанныахха
Тапталынан тыынаммыт

ТАР5АТ: